Саха дьахтара барахсан! Кини дуулаҕа тулуура, өркөн өйө, булгуруйбат модун санаата, аһыныгас уйаҕас сүрэҕэ, уоттаах таптала, сылаас сымнаҕас илиитэ, уһулуччулаах сатабыла. Саха дьахтара олох араас эридьиэһин тулуйан, өссө кыайыылаах тахсыбыта: күн курдук угуттуур, кустук өҥүнэн дьэрэлийэр дьикти култуураны үөскэтэн, бүөбэйдээн, оҕо курдук өрө уунан биэрбитэ. Бу иһин, уу куттаах урааҥхай саха, Кыыс Таҥара. Күн Күбэй Ийэ иннигэр сүһүөхтээх бэйэҥ сүгүрүй, хоолдьуктаах бэйэҥ хоҥкуй, үйэлэргэ! Бу кэрэ биир сүрүн түһүмэҕин ииһин - күүһү
...
Читать дальше »