Воскресенье, 24.11.2024, 20:01
Приветствую Вас Гость | RSS
Муниципальное бюджетное учреждение Дом народного творчест...

Максим өрүү инники

 

Хатырыктан төрүттээх

Саастаах күтүөт Микииттэ,

Оҕо сааһын ,былыргыны

Арыт кэпсиир буолара.

 

Бэрпиилэйэп сыылынай

Кинилэри үөрэппитин ,

Онно кыра Максим уол

Бастыҥнара буоларын.

 

Оччолортон Омуоһап

Чоҕулуйан сытыытын,

Чаҕылхайдык кэпсиирин

Учууталын үөрдэрин.

 

Оннук оҕо сааһыттан

Олох дьиҥин анааран,

Сырдык ыра санаанан

Көҥүл суолун тэллэҕэ.

 

Кини модун дьулуура

Айылгыта күүстээҕэ,

Дьоллоох олох суолугар

Дьону тула түмэрэ.

 

Аанай олох сатыылыыр

Аргыардаах да кэмигэр,

Иҥнэн,толлон турбакка

Инникигэ сирдиирэ.

 

Хааннаах хара балыырга

Хаарыан уолбут сүппүтэ,

Эппит тылын сатата

Энчирээбэт үйэлээх .

 

Максим эппит тыллара

Сайдар суолбут сулуһа ,

Олохтообут олоҕо

Саргы дьолун тускула .

 

Саҥа үйэ аартыгар

Наммыт үүнэр ,чэчириир,

Эдэр дьоннуун тэҥҥэ хаамсан,

Максим өрүү инники!

 

Татьяна Куличкина-Дедюкина

Чулуу убай Максимныы

Эһэм миэхэ кэпсиирэ
Чулуу убай Максимы,
Кыра сылдьан,,Эбэҕэ,,
Кинилэрдиин оонньуурун.

Үөрэх ,билии бастыҥа
Өрүү кини буоларын ,
Элбэҕи дьэ ааҕарын
Учууталын үөрдэрин ,

Убай Максим оччоттон
Олох дьиҥин анааран ,
Кырдьык иһин охсуһар
Хорсун санаа дьулуурун .

Хараҥаттан сырдыкка
Саха дьонун ыҥыран ,
Саҥа олох тускулун
Сарыал күнүн сахпытын .

Саҥа үйэ ыччата
Саргы суолун дабайа,
Чулуу убай Максимныы
Сайдам суолу тутуохпут !

Татьяна Куличкина - Дедюкина

Улуу киһи Максим

Мальцева Татьяна Иннокентьевна, 

 

Улуу киһибит Максиммыт

Саха сирин Саарына

Эӊсиэли хочобут маанылаах сиригэр

Күн сирин көрбүтэ.

 

Элиэнэ эбэбит сүүрүгүнүү

Ардыгар долгунун баалыныы

Күүһүгэр күүс эбиллэн

Норуотун туһугар киирсэрэ.

 

Намын айылӄата

Маанылаах уолугар

Өйүгэр-санаатыгар

Сайдыы суолун ыйбыта.

 

Оо, Омуоһап барахсан

Эдэркээн бэйэтэ

Норуотун кэскилин түстээн

Бар дьонун махталын ыллаӄа…

 

Аммосов.

 

Времена не выбирают

В коих были рождены:

Кто прожил во время Света,

Ну а кто во время Тьмы.

 

Но в то смутное, лихое

Время правил лиходей,

Мстительный и хитрый практик,

Бич порядочных людей.

 

Насадив засилье страха,

Устранив друзей-бойцов,

Во главу угла поставив

Только Власть, он был таков.

 

Я живу как бог положит,

Счастлив я своей судьбой,

В синей русской колыбели,

Чистый сердцем и душой.

 

Только вот живёт незримо

Память горькая во мне:

Память о моём народе,

Память о моей стране.

 

О её сынах достойных,

О героях и святых,

О погибших не на битве

От репрессий, от своих!..

 

Как же так? Как это больно

Свою память засорять,

Как в истории возможно

Чью-то подлость оправдать?..

 

Шёл Аммосов на Голгофу,

Как Христос, всё знал, но шёл

И мучения все приняв

Смерть во цвете лет нашёл.

 

Этот путь был неизбежен

Для честнейшего борца!

Ты, Максим, за наше счастье

Отдал всё! Всё до конца!

 

Сын Саха и сын России –

Память о тебе в годах!

Тебя вспомнит и брат русский

И киргиз и брат казах.

 

Выльется в гранит и бронзу,

Ты – навеки гражданин

Нашей Родины – России

Славный, незабвенный сын.

 

18 мая 2022 года,

Емец Владимир, Русское Устье.

 

Татьяна Михайловна Петрова - Мойуу Кыыһа
 Хаҥалас улууһа, 

ЯАССР 100 сылынан.
М.К, Аммосов 125 сааһынан.

Бойобуой мохсоҕол

Хараҥа норуотуҥ
 Хараҕын арыйан,
Бассабыык аатыран
 Балысхан үлэнэн
 Балкыырдаах кэмнэри
 Баалларын тэһииннээн,
Эдэркээн Махсыым, эн,
Эрдээхтик салайан,
Уураахтан уурааҕы
 Ыйаахтан ыйааҕы
 Урууллаан, тускулаан,
Ылсыһан олохтоон,
Сахабыт сиригэр
 Саргыны аҕалыах
 Автономия эрэ диэн,
Анааран, тобулан,
Кэскиллээх суолунан
 Төлөннөөх сүрэххинэн,
Түөскүнэн тэлэҥҥин,
Бойобуой мохсоҕол
 Бигэ дьиҥ - эн этиҥ!

Ураты көрүүлээх
 Уһулуччу өйгүнэн,
Дириҥник хорутар
 Далааһыннаах санааҕынан,
Чаҕылхай Махсыыммыт
 Чахчы да, эн этиҥ!

Мойуу Кыыһа


 

Вход на сайт
Поиск
Календарь
«  Ноябрь 2024  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Архив записей
Наш опрос
Оцените мой сайт
Всего ответов: 9
Мини-чат
Друзья сайта
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0

Copyright MyCorp © 2024
uCoz