12:50 "Кырадаһын" кыбытык тигии иистэнньэҥнэрэ 5 сыллаах үлэлэрин бэлиэтиир тэрээһинэ. | |
Саха дьахтара барахсан! Кини дуулаҕа тулуура, өркөн өйө, булгуруйбат модун санаата, аһыныгас уйаҕас сүрэҕэ, уоттаах таптала, сылаас сымнаҕас илиитэ, уһулуччулаах сатабыла. Саха дьахтара олох араас эридьиэһин тулуйан, өссө кыайыылаах тахсыбыта: күн курдук угуттуур, кустук өҥүнэн дьэрэлийэр дьикти култуураны үөскэтэн, бүөбэйдээн, оҕо курдук өрө уунан биэрбитэ. Бу иһин, уу куттаах урааҥхай саха, Кыыс Таҥара. Күн Күбэй Ийэ иннигэр сүһүөхтээх бэйэҥ сүгүрүй, хоолдьуктаах бэйэҥ хоҥкуй, үйэлэргэ! Бу кэрэ биир сүрүн түһүмэҕин ииһин - күүһүн тыыннаах хаалан, салгыы сайыннаран, саха омук биир чээл күөх силигилиир лабаата гынан өссө да өр кэмҥэ чэлгитиэ, чэчирэтиэ! 2017 сыл. Биэс сыл аннараа өттүн быыһын сэгэтэн көрөбүт. Нам улууһа, Хатырык нэһилиэгэ. Улуу киһибит Махсыым Аммосовпыт үбүлүөйдээх сыла. Бу сыл женсовет чилиэнэ Надежда Васильевна Соропова балтын Марта Васильевна Винокурованы, Россия норуотун маастарын Дария Семеновна Козлова үөрэнээччитин ыҥыран ылан кыбытык иис кистэлэҥэр баҕалаахтары үөрэттэрэр. Дьэ мантан саҕаламмыта иис – күүс ымпык- чымпык суола... Бастакы бар дьоннорун соһуппут үлэлэринэн биирдии бэйэлэрэ чаппараах тиктибиттэрэ буолар. Сыыйа “Сайдам” НАДь сыстан, кулууп иһинэн формирование быһыытынан үлэлээн барбыта. Дьэ мантан саҕаламмыта үгүс тэрээһиннэргэ, быыстапкаларга кыттыы, сыллата саҥаттан саҥа үлэни айан таһаарыы. Ону барытын кумааҕыга тиһии, үйэтитии. Ситиһии инниттэн буолбакка, баҕа санаа, дьоммут, норуоппут, ыччаппыт туһа диэн уонна бу уустук иис көрүҥэ сайдарыгар бигэ эрэл. 2017 с.- «Таптыыр сирим -Хатырык», 220х220 см иэннээх панно. 2019 с.- ат толору симэҕэ. 2020 с.- Кыайыы паннота, 125х165 см. 2022 с.- «Сир симэҕэ», художник Анна Николаевна Зверева эскиһинэн, 102х 189 см панно. «Илгэ», автор, иистэнньэҥ, түмсүү кыттыылааҕа Докторова Ирина Николаевна тикпит 136х154 см иэннээх паннота. Биэс сыл үлэ түмүгэ туомтуу баайыллан, түмүллэн 2022 сылга икки каталогка киирдэ: бастакынан, Россия союһун художниктарын чилиэнэ, Нам улууһун бочуоттаах олохтооҕо А.Н.Зверева таһааттарбыт – «Душа России» диэн международнай каталогар, иккиһинэн М.К.Аммосов аатынан ХИФУ историческай наука кандидата, доцент Светлана Ивановна Петрова таһааттарбыт каталогун иккис томугар. Биэс сыл...эттэххэ дөбөҥ. Бу биэс сыл усталаах туоратыгар иис хонуутугар тэлбит ыллыккыт кэҥээн киэҥ суолга таһаарда. Ол курдук, быйылгы сылга норуоттар икки ардыларынааҕы “Душа России” быыстапкаҕа ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ. Маны таһынан Анна Николаевна Зверева “Мир женщины Севера” диэн улахан бырайыагар, республика улахан маастардарын Ульяна Егоровна Миронова (Мирный), Мария Петровна Федотова (Таатта), Мария Петровна Сыромятникова (Нам) уо.д.а. кытта тэҥҥэ турбуттара. Бу дьулуур, тулуур, өбүгэ ситимин быстыспат сорҕото. Сэтинньи 26 күнүгэр “Кырадаһын” иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин 5 сыллаах үлэлэрин түмүгүн бэлиэтиир тэрээһин ыытылынна. Манна хас биирдии түмсүү кыттыылаахтара кыбытыы тиигии эрэ буолбакка бэйэ оҥорбут араас оҥоһуктара быыстапкаҕа туран, ыалдьыт дьон биһирэбилин ыллылар. Ыҥырыылаах ыалдьыттар “Хатырык нэһилиэгэ” МТ администрациятын сүрүн специалиһа Мария Егоровна Слепцова, Нам улууһун Олоҥхо дьиэтин салайааччыта Вера Васильевна Колпашникова, СР норуотун маастара Стручкова Прасковья Ильинияна, Паритизан нэһилиэгин “АйТик” түмсүү салайааччыта Подоксенова Ирина Ивановна уонна түмсүү кыттыылаахтара ону таһынан нэһилиэк тэрилтэлэрэ, түмсүүлэрэ эҕэрдэ тыл эттилэр. Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар Ирина Николаевна Доктороваҕа “За вклад в развитие Хатырыкского наслега” түөскэ кэтиллэр бэлиэнэн наҕараадаланна. Ону таһынан М.К. Аммосов аатынан СР Государственноһын түмэлин “За вклад в развитие музея” анал түөскэ кэтиллэр бэлиэни Ноговицына Аксинья Афанасьевнаҕа, Павлова Екатерина Константиновнаҕа, Бугаева Пелагея Васильевнаҕа түмэл салайааччыта Кириллин Александр Васильевич үөрүүлээх быһыыга майгыга туттарда. Саха дьоно былыр былыргаттан иистэри иис – күүс диэн ааттыыллар, күүс диэн тылы тыл дэгэтигэр эрэ диэн ылбычча эппэтэхтэрэ чахчы. Сыра – сылба эстэр, күүс –уох көлбөрүйэр, быһан –отон, имитэн- хомутан, таҥастаан, өҥнөөн – дьүһүннээн, ойуулаан – дьарҕаалаан, тигэн дьоммун таҥыннарыам диэтэххэ сөҕүмэр улуу үлэ. Ону ол диэбэккэ сөҕөн, ымсыыран, чаҕыйан турбакка иистэнэбит, ол Кэрэҕэ дьулуһабыт. | |
|
Всего комментариев: 0 | |