"Эҥсиэли хочотун ыччата."
Биһиги куораппыт Дьокуускай,
Өбүгэ саҕаттан уларыйан,
Өрдөөҕү өйдөбүл ахтыллан,
Уостубат Сахалыы сыдьаайдаах.
Аныгы кэм сайдыы сиэринэн,
Үүнэр, чэчириир, улаатар.
Өрөгөй былааҕын күөрэтэн,
Оһуохай тойуга дуорайар.
Бу маннык кэрэчээн дойдуттан,
Өйөбүл табаарыс дьоннордоох,
Үүммүтэ кыракый алаастан,
Максиммыт өрөгөй аргыстаах.
Ып- ыраас чаҕылхай харахтаах,
Эҥсиэли хочотун ыччата.
Модун санаалаах,сырдык ыралаах,
Үөрүү,дьол аргыстаах Максиммыт.
Хараҥа олох үтүрүллэн,
Саргылаах олохпут күндээрэн,
Сахабыт сирин төрүттэспит,
Чулуу убайбытынан киэн туттабыт.
Милена Молодова, М.К.Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ,
ЭН КЫЫМҤЫН! ЭН УОККУН!
Элиэнэ эбэкэ оҕотоҕун,
ол чахчы - уунан да суураллыбат.
Хатырык хомпоруун хотойоҕун,
ол кырдьык - сүгэнэн суоруллубат.
Эҥсиэли хочото дуораһытар,
Өрөгөй үөрүүлээх ырыатынан.
Эҥсиллэр куйаары сатарыта,
ылланар айхала биир тыынынан.
Эн саха сүргэтин көтөхпүтүҥ,
саҥа кэм сэргэтин үүннэрбитиҥ;
Хаһаахтыы-Кыргыыстыы саҥарбытыҥ,
ини-бии норуоккун салайбытыҥ.
Эйигин охторгор өйөөбүттэр,
эйигин күөрэтэн таһаарбыттар -
эн хорсун, эн хоһуун доҕотторуҥ,
эн чулуу, эн улуу кынаттарыҥ.
Эн күнтэн чаҕыллан тахсыбытыҥ,
аар саха буолаҥҥын сандаарбытыҥ.
Умаппыт аал уотуҥ умуллубат,
сүрэҕиҥ сылааһа умнуллубат.
Ыллыыбыт эйигин уолаттарыҥ,
саныыбыт эйигин эрэттэриҥ -
Сахалар киэн туттар убайбытын,
ытыктыыр Чаҕылхай Махсыыммытын!
Олохпут чаҕылхай сарсыардалаах!
Омукпут арылхай сарсыҥҥылаах!
Сырдатар эн аатыҥ төрүт Намҥын!
Эн кыымҥын! Эн уоккун! Эн Махсыымҥын!
Уу Саха Омук
ЧАҔЫЛҔАН
Хомпоруун хотойдуу
Көҥүлү көмүскүү,
Омугуҥ кэскилин
Айхаллыы-уруйдуу
Кынаккын саратан
Халлааҥҥа күөрэйдиҥ,
Хорсуннук сапсынан
Былытын үрэйдиҥ!
Үрдүкү халлааммыт
Биһиэнэ арылхай,
Үөһэттэн алҕаммыт
Эн аатыҥ чаҕылхай!
Өксөкү көтөрдүү
Үөһэнэн көтөҕүн,
Батталы өлөрдүү
Абааһы көрөҕүн!
Тускулбут туһугар
Умайар сүрэҕиҥ,
Охсуһуу суоһугар
Инники киирэҕин!
Халлааны хайытар
Түгэнэ чыпчылҕан,
Олоҕуҥ эйиэнэ -
Охсор уот чаҕылҕан!
Эн аатыҥ чаҕылхай,
Охсор уот чаҕылҕан!
Уу Саха Омук
КҮММҮТҮН КӨРСӨБҮТ
Хараҥа балаҕан
ааннарын арыйан,
сарсыҥҥы саһарҕа
сырдыгын киллэрэн,
эн аатыҥ билигин
билиигэ ыҥырар,
саҥа кэм биэрэгэр
саханы кэтэһэр.
Чаҕылхай Махсыыммыт
куолаһын истэбит,
таһырдьа тахсаммыт
күммүтүн көрсөбүт.
Киэҥ билии байҕалын
сүүс сүүстэн өйөнсөн,
омукпут баҕатын
оҥочо оҥостон,
арылхай халлааннаах
олоххо тиксиэхпит,
биир сүдү санаанан
эрдинэн тиийиэхпит!
Үөрэхпит кыһатын
үрдэтэр эн аатыҥ,
саҥа кэм сахатын
киэн тутта анаатыҥ!
Эн тэлбит суолгунан
биһиги барабыт,
эн ааккын ааттатар
тылбытын биэрэбит.
Эйигин батыспыт,
букатын кэмсиммэт.
Доҕорбут-атаспыт,
Чаҕылхай Максиммыт!
Уу Саха Омук - Абдумалики Холик.
Альбина Иннокентьевна Федорова. Ленскэй оройуон Чамча түөлбэтин олохтооҕо, пенсионерка.
САССР 100 сааҺыгар ананар
СүүрбэҺис үйэбит
Саҕыллар саҕаҕар,
Бутуурдаах – буккуурдаах
Дирбиэн – дарбаан кэмнэргэ,
Сахам сирэ барахсан
Үрүҥ, кыҺыл былаастар
Ытыстарыгар киирэҥҥин,
Күөрэ – лаҥкы түстэҕин
Өрө ытыллан биэрдэҕин.
Саҥа олох тутаары,
Автономия ылаары,
Эдэр чэгиэн ыччатыҥ
Үөрэх – билии иҥэринэн,
Инникигэ атыллаан,
Хараҥаҕа тыкпыт ый
Сырдатарын кэриэтэ,
Саҥа олох оҥкулун
ТутуҺарга сорунан
Олохторун толук да ууран
Турууласпыт эбиттэр.
Чаҕылхай Махсыыммыт,
Ойуунускай убайбыт
Өйдүүр, өйүүр ыччаты
Бииргэ түмэ тарданнар
Сайдар суолу тобулан
ҮлэлэҺэн барбыттар...
Үҥсүү – харсыы түмүгэр
Хаарыаннаахай уолаттар
СойуолааҺыҥҥа түбэҺэн
Олохторун уоттара
Сууллар сулус курдук
Субурус гынаат умуллар...
Сылтан – сыллар ааҺаллар,
Сымыйа балыыр аҺыллан
Сулустарбыт уоттара
Сырдаан угуйа тыгаллар.
Сайдыы суола саҕыллан
Кыайыы – хотуу эбиллэр,
Саҥа куорат дьэндэйэр.
Сахам сирэ барахсан,
Автономия ылбытыҥ
Сүүс сыллаах үбүлүөйүн
Үөрэ – көтө көрсүөҕүҥ.
Чаҕылхай дьоммутун
Ааттарын ааттаан
СүҺүөхтээх бэйэбит
Сүгүрүйэн ылыаҕыҥ,
Махталбыт бэлиэтин
Ахтан – санаан ааҺыаҕыҥ.
Үйэлэртэн үйэлэргэ
Үүнэ, сайда чэчирээ,
Тапталлаах Сахам сирэ –
Киэн туттар мин дойдум!
А.Федорова.
10.02. 2022 с. Чамча, Ленскэй.
УРУЙДУУ ТУОЙАБЫТ.
Ахсынньы ыйга Хатырыкка
Оҕо бэбээрэ ытаабыта,
Тахсан эрэр күн сардаҥата
Кытара кыымнарын ыспыта.
Төрөөбүт Аччыгый арыытын
Уол оҕо тилийэ сүүрбүтэ,
Хотойук кынатын үүннэрэн
Кый ыраах үөһэнэн көппүтэ.
Будулҕаннаах буурҕа сылларга
Суолбутун көннөрөн биэрбитэ,
Дьыбардаах,дьалхааннаах дьылларга
Дьадаҥылардыын бииргэ этэ.
Дьылҕа хааммыт ыйааҕа тыйыс
Өһөрбүтэ бассабыык былааһа,
Умуллубута сырдык сулус,
Киһи киэнэ киилэ,ырааһа.
Эйигин уруйдуу туойаллар
Казаахтар,киргиистэр астына,
Алгыстаах тылларын аныыллар
Дойдуҥ,сахаҥ дьоно махтана.
Үйэлэр тухары баар буолуоҥ
Махталлаах бар дьонуҥ өйүгэр,
Эн,Аммосов Максим ,ааттаныаҥ
Хас эдэр көлүөнэ сүрэҕэр.
Үтүмэн кэмнэри уҥуордаан
Чаҕылхай Махсыыммыт арыаллыыр,
Хомпоруун Хотой Айыы буолан
Биһигини араҥаччылыыр.
ТИИТ УОЛА ЭРЧИМ- ВАСИЛЬЕВ ВАЛЕНТИН ТИТОВИЧ Нам улууһа, Хатырык нэһилиэгэ
Матвеева Клара Иннокентьевна. С Намцы.
Чаҕылхай Максимҥа
Тапталлаах Сахаҥ Сирэ
Чэлгийэ сайдарын түстүүр,
Дойдуҥ, норуотуҥ соргутун
Туруулаһар дьылҕаланан,
Уол оҕо уһуктааҕа буолан,
Өркөн өй иҥэриллэн,
Тулуур, дьулуур көтөллөнөн,
Айар тутар аналланан,
Айыылартан айдарыллан,
Дьылҕа тойон ыйааҕынан
Төрөөбүтүҥ бу сиргэ.
Уолчаан, оҕо сааскыттан
Сырдыкка тардыспытыҥ,
Үөрэҕи сайдыыны батыспытыҥ,
Ууну, уоту ааспытыҥ,
Укулаат тимир майгыламмытыҥ,
Ыстаал курдук хатарыллыбытыҥ,
Сирдиир, салайар дьоҕурдаммытыҥ.
Дойду сүрэҕэр Москуба куоракка
Сирдьити кытта алтыспытыҥ,
Ыллыктаах тылгын ылыннаран
Аптаныамыйаны ситиспитиҥ.
Сахаҥ Сирин туругурарын туһугар
Сайдыыны, саргыны түстэспитиҥ.
Ол иһин махталлаах сахалар,
Сүгүрүйэллэр эн ааккар,
Айхаллыыллар Аар Саарга,
Махтаналлар муҥура суох.
Өйдүүллэр сүдү өҥөҕүн,
Ытыктыыллар, киэн тутталлар
Чаҕылхай ааккын ааттыыллар.
«Махтаныаҕыҥ, сахалар!»
Е.А.Лукинова-Сэргээнэ эссе-хоһооно.
Махтаныаҕыҥ, сахалар,
Улуу Лениҥҥэ! Маркс, Энгельс олоххо кэскиллээх көрүүлэрин үөрэтэн, ырытан,
Биир бастакынан өйдөөбүт
Уһулуччу өйдөөх улуу сирдьиппитигэр-
Ульянов Владимир Ильич-Лениҥҥэ!
Махтаныаҕыҥ, олоҕу уларыта тутууга көмөлөспүт,
Сайдыылаах саҕахха салайбыт
Ленин чугас соратниктарыгар,
Баттала суох, тэҥ бырааптаах сырдык олоххо салайан аҕалбыт,
Саха сиригэр сыылкаҕа олорон ааспыт,
Сырдык олоҕу сыдьаайбыт
революционер дьоммутугар!
Марксизм, ленинизм үөрэҕин ылынан,
Баай батталыттан саха норуотун босхолоору
Өркөн өйүн сытыылаабыта,
Чаҕылҕанныы чаҕылыйбыта
Максим Кирович Аммосов.
Бэйэтин тула биир санаалаахтарын түмпүтэ,
Өрөгөйдөөх Сүбэ тэриммитэ:
Истиҥ доҕор буолбута,
Сытыы тыллаах бэйиэт Платон Ойуунускай,
Баһаам элбэх толкуйдаах
Исидор Барахов,
Олус боччумнаах уол Степан Аржаков,
Эйэҕэс санаалаах Степан Васильев
Эдэр хорсун санааларынан
Нэлэһийэ сытар Сахаларын сирин инникитин анаарбыттара,
Эйгэ араас араҥатын ырытаннар:
Баһаам сайдыыны тымтыктанан көрбүттэрэ,
"Автономия буолар кыахтаах эбиппит!" - диэн
бигэтик быһаарбыттара!
Санаан көрүөҕүҥ, доҕоттоор!
100 сыл анараа өттүгэр
Бу эдэркээн дойду бастакы салайааччылара
Автономия буоларга хас биирдии этиитигэр, тылыгар тиийэ чочуйан, бэлэмнээн Максим Аммосов Москваҕа тиийэн итэҕэтиилээхтик көмүскээбитэ.
1922 сыл муус устар 27 күнүгэр Ленин илии баттааһыннаах "Автономнай республика" - диэн
Судаарыстыбаннай статуһу ылары ситиспитэ!
Уруккута колония, күлүүһэ суох хаайыы буолбут, чэҥ мууһунан турбут дойдубут
көҥүллүк тыыммыта,
Уйгулаах олохтоммута, сайдыыга хардыылаабыта!
Күүскэ махтанар кэммит үүнэн кэллэ саха дьонугар:
Үйэ устата Автономия былаанынан, киллэрбит саҥа дьаһалынан -
Саха сирэ 100 сыл устата балысханнык сайынна!
Куораттара, нэһилиэктэрэ элбээтилэр,
улааттылар, киэркэйдилэр!
Манна дьоллоох оҕо саас үөрэнэр,
Кэрэҕэ иитиллэр!
Көхтөөх эдэр саас идэни баһылыыр,
Кэскиллээх олоҕун сайыннарар!
Сааһырбыт дьоммут уйгулаах олоҕу төлкөлүүр,
Байылыат олоҕу айхаллыыр!
Махтаныаҕыҥ, доҕоттоор!
Бэйэлэрин толук ууран туран көҥүл олоҕу аҕалбыт чулууттан чулуу дьоммутугар -
Максим Аммосовка, Платон Ойуунускайга, Исидор Бараховка, Степан Аржаковка, Степан Васильевка, о.д.а.
Сэбиэт былааһын туруулаһан,
Саха сирэ Автономнай республика буоларын ситиспит - оччолорго чулуу ыччат дьоммутугар
сиргэ тиийэ сүгүрүйэбит,
Күүстээх махтал, таптал тыллары аныыбыт!
Бу көҥүл, байылыат олоххо
Хас биирдии ыал олоҕо нэһилиэгин өрө тутуохтун,
Хас биирдии нэһилиэк үлэтэ, көхтөөх олоҕо -
Республика историятын байытыахтын!
Сайдам санаалаах бастакы САССР салалтатын кэскиллээх дьаһала
Үйэ устата туһалаата!
Инникитин да туһалыа,
Саха норуотун Аар-Саарга аатырдыа!
Россия күүстээх кынатын анныгар арчыланан
Саха сиригэр дьоллоох олох бүтэһиктээхтик бигэргэннэ!!!