10:47 М.К. Аммосов аатынан совхозка 1984-1991 сс. культура сайдыыта. | |
М.К.Аммосов аатынан совхоз киин уһаайбата. Феодосия Николаевна Лукина Нам с. Нам оройунугар 1949 с. сулууспалаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы культпросвет училищены 1972 с. үөрэнэн бүтэрбитэ. Ол кэннэ тутатына Ленинградтааҕы Н.К.Крупская аатынан Культура государтсвеннай институтугар КПР факультетын хоровой отделениятыгар үөрэнэн 1977 с. бүтэрбитэ. Уонна олоҕун устата харыс да халбаҥнаабакка культура эйгэтигэр өрө күүрүүлээхтик үлэлээбитэ. Кэргэнэ Б.Н.Тараховскайдыын олохторун культура эйгэтигэр анаабыттара. Элбэх көлүөнэ талааннары такайбыт үтүө- мааны үлэһит дьон. Биир уол оҕолоохтор. Феодосия Николаевна Лукина 1984 с. ыам ыйыгар Министерствонан ананан Нам улууһун Хатырыктааҕы Культура Кииннэммит Систематыгар (ЦКС) директорынан кэлбитэ. Ол кэмнэргэ оройуоҥҥа культура отделын сэбиэдиссэйинэн Раиса Николаевна Горохова үлэлии олороро. Хатырык сельсоветын председателэ Собакин Егор Николаевич этэ. Сельсоветка сэрии кыттыылааҕа Иннокентий Афансьевич Татаринов, главнай бухгалтер - Бочурова Анастасия Гаврильевна, совхоз парткома - Осипов Иннокентий Васильевич, комском - Касьянов Владислав Гаврильевич, рабочком – Рехлясов Егор Павлович үлэлииллэрэ. Агитмассовай үлэни сүрүннээн күүскэ үлэлэһэллэрэ, салайаллара. Саҥа 180 миэстэлээх типовой кулууп 1969 с. Саҥа –Дьылга үлэҕэ киирбит ТСККС (тыа сирин кииннэммит культурнай ситим) 8 штатнай единицалааҕа. Киин уһаайбаҕа киһи элбэҕэ. Оройуоҥҥа бастакытын аһыллыбыт ТСККС биһирэнэн, атын совхоз кииннэригэр арыллан культура сайдыыта саҥа таһымҥа тахсыбыта. Баянист, художник штаттара эбии аһыллыбыта. АКБ суоппара кытта баара. Үлэ таһыма үрдээбитэ. Үрдүк үөрэхтээх специалист Кондратьева Т.А., худрук Стручкова Е.С., методистар Матвеева А.Т., Рожина Е.Е., Дьяконова С.В., Наумова Л.П. Иванов И.И.- Чагда састааптаах эдэр коллектив этэ. АКБ автобуһа куһаҕан суолга тоҕу сүүрдүллэн, тэрилтэ бары туһанара, үгүстүк алдьанара. Оччолорго нагляднай агитацияны күүскэ ирдииллэрэ. Хас сайылык, оттуур звено, ферма ахсын барыларыгар оҥороллоро. Ону барытын кулууп сүрүннүүрэ. Үгүс сыраны ылара. Елизавета Рожина, Руслан Карамзин, Саргылана Сидорова элбэх сыраларын биэрэн үлэлээбиттэрэ. Кулууп тыа сирин дьоно саамай мустар сирэ этэ. Культмаассабай тэрээһиннэр үгүстүк буолаллара. Улууска бастыҥнар кэккэлэригэр кулууп сылдьара. Культпросветучилищеттан практиканнар кэлэн үс аҥар ый үлэлээн бараллара. Оройуон устун гастроль тиһигин быспат этэ. Практикаларын кэмигэр В.Н. Дьяконов ВСГИК устудьуона дипломнай үлэтин спектакль туруоран, туйгуннук көмүскээн барбыта. Үөрэҕин бүтэрэн АКБ сэбиэдиссэйинэн ананан кэлбитэ.кини салайар АКБ оройуоҥҥа бастаан, 1986 с. республикаҕа кыттыбыта. Хаарбах, алдьанан турар массыынаны оҥорон сүүрдэн дьону сөхтөрбүтэ. Хатырык киэн туттуута Иннокентий Пестряков бу бөлөххө кэлсибит Варвараны көрсөн, билсэн, салгыы доҕордоһон ыал буолбуттара. Кулууп чахчы ыччат киинэ буолбута. Совхоз отделениятыгар Намтан, Хатырыктан путевкалаахтар мустан үлэлээн комском үлэтэ сэргэхсийбитэ. Хас суббуота ахсын ыччат тэрээһиннээх сынньалаҥа тэриллэрэ. Кэлээт Феодосия Николаевна ветеран дьахталлар “Алгыс” ансамбларын сөргүтэн, икки куолаһынан ыллатан, саҥа репертуар таҥан, сыанаттан түспэт буолтара. Ордук чорботон, Л.В.Старостинаны, Т.Т. Охлопкованы, М.Ф.Куличкинаны, А.М.Сидорованы, Т.Новгородованы о.д.а. бэлиэтиир. Оройуоҥҥа ыытыллар конкурстарга кыттан 3 степеннээх дипломант буолтара. Сылын аайы буолар көрүүлэргэ олохтоох тэрилтэлэр көхтөөхтүк кыттара. Салайааччылар Е.Н.Собакин, Л.Ф.Дьяконов, В.Г.Касьянов, Т.И.Карамзин, К.Е.Старостин, Г.Г.Колмогоров , Ф.Н.Уварова, А.Д.Гермогенова, З.Р.Бочкарева, учууталлар бэйэлэринэн кыттан дьону көҕүлүллэрэ, төһүү күүс буолаллара. Фольклорга болҕомто ууран Мария, Петр Заровняевтар дьиэ кэргэн ансамбылын тэрийэн зональнай конкурска кытыннаран, лауреат буолары ситиспиттэрэ. Нэһилиэк үөрүүтэ, киэн туттуута буолбута. Тойуксут Рожина Е. тойуксуттар триоларын тэрийэн, с куоласка арааран туойаннар оройуоҥҥа сонун хайысханы көрдөрбүттэрэ, дипломант буолтара. 1986 с. комсомольскай лэ түмгүнэн Хатырыктааҕы СЦККДь Туйгун үлэлээх кулууп аатын ылан Министерство грамотатынан наҕараадаламмыта. Үлэ түмүктээх буолбута. Оччолорго ирдэбил кытаанах этэ. Чөл олоҕу пропагандалааһын саҕаламмыта. Араас өрүттээх агитационнай үлэ ыытыллара. Арыгыта суох сыбаайбалар, юбилейдар буолуталаабыттара. Ол курдук, саҥа үлэһит, хореограф Сивцева С.Н. комсомольскай сыбаайбата кулуупка көррдөрүүлээх мероприятие курдук ааспыта. Уус – уран ааҕыыга улахан болҕомто ууруллубута. Элбэх дьону түмэн, сонунтан – сонун конферанс – ыытааччылары анал сценарийдаан, бэлэмнээн таһаараллара. Солбуйса сылдьан ыытан саҥарар дьоҕурдарын, талааннарын таһаараллара. Кинилэр истэригэр М.Н.Попова, А.П.Попов, З.К.Портнягина, З.Р.Бочкарева, А.А.Попова, А.Иванова –Парникова, М.Д.Сивцева, С.В.Дьяконова, Л.Л.Дьяконова сыанаттан арахсыбат артисткалар, активистар этэ. Бырааһынньыктар түмсүүлээхтик ааһаллара, ордук Саҥа Дьыл. Үгэскэ кубулуйбут театролизованнай представленияҕа балыыһа, детсад коллективтара барыларын баһыйаллара. Массовик – затейник буоланнар дьону сэргэхситэллэрэ, көрөөччүлэр биһирэбилин ылаллара. ПКО секретара Охлопкова Л.Е. олус табыллан ыччаты көҕүлүүрэ, түмэрэ. 1989-90 с.с. Саҥа Дьылыгар саҥа үлэһит Осипов Григорий молодежнай кафе-бар үлэлэтэн, комсомоллары хамсаппыта, ыаллыы нэһилиэктэргэ ыччаттар опыт атастаһан кэлбиттэрэ. Хатырык халыҥ ахсааннаах ырыаһыттара оройуоҥҥа тэҥнээхтэрэ аҕыйах этэ. Сценаҕа кырдьыбат радиохор солистката Аграфена Тимофеева, дэҥҥэ көстөр бас Петр Ноговицын, баритон Марк Петров, тенордар А.Левина, С.Дьяконова, М.Н.Попова, альт М.Н.Заровняева, Е.Корякина уо.д.а. көрөөччүлэргэ сырыы ахсын саҥа ырыа бэлэхтээн үөрдэллэрэ. Музыканнар Н.Атласов, В.Захаров, Б.Тараховскай мустан 1986-87 с.с. ВИА-ны сөргүтэн, саҥардан оонньоппуттара. Культурнай олоҕу сэргэхсиппиттэрэ, киэргэппиттэрэ. Оройуоҥҥа бастыахтарын бастыыллара. Дьиэ кэргэн ансамбыллара хото тэриллибиттэрэ. Куруутун биһирэнэр этилэр. В.Н.Дьяконов спектакль эрэ туруоруутунан муҥурдаммакка, концертнай программалары бэлэмнээн, поэт, мелодист быһыытынан дебюттаабыта. Тэрийэр, салайар талааннаах режиссер айар буочара атыттардааҕар атын, киэҥ- куоҥ дууһалаах, юмордаах буолара. Элбэх сиринэн үлэлээбит, БАМы тутуспут, дэгиттэр уһанар, мындыр буолан директордыыр кыахтаах диэн рекомендация биэрбитин, директорынан талбатахтара. 1987 с. күһүн Аммосов совхоз стипендиата, ВСГИК выпускнига Иннокентий Уваровскай үөрэҕин бүтэрэн кэлэн, Ф.Н.Лукинаттан үлэни туппута. Бу сыл М.Аммосов юбилейдаах сыла күүтэрэ. Олус тымныы кулууп капитальнай ремона саҕаламмыта. Ремонт этэҥҥэ бүтэн, сезон аһыллыбыта. Юбилей үрдүк таһымнаахтык ааспыта. Аммосов дьоно, кыргыттара кэлэн баартара. Нэһилиэккэ чөл олох үгэннээн турара. Общественность советын председателэ Спиридонова А.С. кулуубу кытта ситимнээх үлэни тэҥҥэ күүскэ ыытыһара. Туох баар тэрээһиннэрбитигэр эр дьон хото сылдьара. Оччолорго социальнай үлэһит диэн суоҕа. Аһары иһэр – аһыыр да дьон суоҕун кэриэтэ этэ. Табаарыстыы суут күүскэ үлэлиир буолан, улахан бөһүөлэккэ буруй да оҥоруу суоҕун тэҥэ этэ. Участковай Илларионов В.В. бохсор үлэни күүскэ ыытара. Хатырыктан төрттээх Обутов И.И. милиция сүрүннүүр специалиһа буолан кэлэ- бара көмөлөһө, сүбэлии- амалыы сылдьара. Улахан трасса ааһар буолан, кэлии- барыы олус элбэҕэ. Онон Хатырык халыҥ түһүлгэтэ совхоз тула түмсэн, элбэх событиялаах, араас ис хоһоонноох үлэтэ Маймаҕалыын сэргэстэһэн, Атамайдыын силбэһэн, Түбэнэн түмүктэнэн, баай историялаах Бөтүҥ барахсан, өрүс уҥуор сытар нэһилиэктэр бары холбоһон оргуйан олороро. Ааһар аартыктары биллэр олонхоһут, хоһоонньут В.Н.Бочоох маныыра, харабыллыыра. Ити курдук интэриэһинэйдик совхоһу Спиридонов И.Н. салайар кэмигэр үлэлээн ааспыта. Олоҕун биир дьоһун кэрчигин Хатырык культурата сайдарыгар Феодосия Николаевна бары дьоҕурун, сатабылын анаабыта. Ырыа – тойук аргыстаах кэрэ эйгэтэ Феодосия Николаевна үлэлии кэлэригэр Хатырык киин кулуубугар урукку састааптан хаалбыта эдэркээн үлэһит Елизавета Рожина. Эрчимнээх эдэр үлэһит үлэтэ киһини эрэ барытын астыннарара, кини аатын билбэт, алтыспатах киһи диэн суох этэ. Культпросвет хоровойугар үөрэммит кыыс ырыаһыт бэрдэ. Сыыйа фольклорга ылсан үлэлээн, кылыһах таһаарар буолта, оһуохай кытта этэр- тыынар буолта. Фольклор жанрыгар холонон, ситиһии өр күүттэрбэккэ кээлтэ. Тойугу үс куоласка арааран толорор гына үөрэппитэ. Оройуон күрэҕэр икки төгүл бастаан тураллар. 1979 сыллартан Намҥа фольклор сөргүтүллэн, сайдан барбыта. Хатырык КК концертарыгар фольклор бары көрүҥэ программаттан түспэт буолбута, концеры киэргэтэллэрэ. Саҥаттан саҥа дьон кэлэн кыттан, дьарыктанан бараллара. Тойуксуттар Дмитрий Марков, Николай Докторов – үлэ, тыыл ветераннара, ыһыах алгысчыттара этилэр. Эдэр тойуксуттар Мария Заровняева, Екатерина Корякина фольклору өрө туппуттара. Саха таҥаһын пропагандалыыллара. Николай Атласов народнай оркестры, Феодосия Лукина народнай хордары, дьахталлар ансамбылларын тэрийэн, үгүс сыраларын биэрбиттэрэ.Хатырык АКБ саҥа специалист Дьяконов В.Н. кэлиэҕиттэн тосту уларыйбыта. Өр турбут автоклуб ремоннанан сүүрбүтэ. Кэлии- барыы үксээбитэ. АКБ күрэҕэр оройуоҥҥа бастаабыттара. 1986 с. республиканскай күрэххэ кыттаммыт туйгун үлэлээх кулууп аатын ылбыта. Талааннаах ыччат мустубута. Культпросвет учебнай практикатын пууна буолбута, үлэ тэтимэ өссө күүһүрбүтэ. Хас тэрилтэ ахсын хордар, ансамбыллар тэриллибиттэрэ. Оройуоҥҥа бастыҥ хордардаах ыллыыр дэриэбинэ аатыран үгүстүк гастроллууллара. Дьиэ кэргэн ансамбыллара саҥа тэриллэн эрэр кэмнэрэ этэ. Хатырыкка төрүкү да ыллыыр дьиэ кэргэн элбэҕэ. Дьяконовтар, Левиннар, Заровняевтар, Корякиннар, Уваровтар, Поповтар уо.д.а. Музыкальнай оскуола директора Атдъласов Н.Н. айар үлэтэ манна 1976 с. саҕаламмыта, күүскэ барбыта. Народнай оркестр тэрийбитэ. Уустук жанр көрүҥнэрэ сайдан барбыта. Намынан, куоратынан сылдьан араас таһымнаах тэрээһиннэргэ кытталлара, аатырбыттар. Музыкальнай оскуола коллективыттан ордук пианистка Петрова В.Я. кулуубу кытта ордук сибээстэһэрэ. Академическай ырыаҕа Феодосия Николаевналыын ыкса сибээстээхтик үлэлээбиттэрэ. Классическай музыканы фортепианоҕа оонньоон иһитиннэрэрэ. Инструменнары активнайдык туһаналлара, тутталлара. Концертарга концертмейстардаан Валентина Яковлевна көрөөччү да, кыттааччы да биһирэбилин ылара, астыналлара. 1986 с. фестивальга урукку ВИА-ны сөргүтэн, уһуннук бэлэмнэнэн, совхозтар икки ардыларынааҕы фестивальга эмиэ бастаабыттара. Манна саҥа үлэһиттэр Василий Захаров. Борис Тараховскай иилээн- саҕалаан оонньообуттара. Художник Руслан Карамзин, бырааттыы Кривогорницыннар мустан үчүгэй группа тэриллибитэ. Ити курдук ырыа – тойук аргыстаах, эдэр ыччат көтөллөөх киин культура дьиэтин үлэтэ күөстүү оргуйара. Оройуоҥҥа инники күөҥҥэ сылдьара.
Ф.Н.Лукина өр сылга муспут баай опытын тиһэн таһаартарбыт «ХХ үйэ бастыҥ кулууптарыгар» диэн ахтыы кинигэтиттэн бэлэмнээтэ “Сайдам” НАДь методиһа У.Наумова. | |
|
Всего комментариев: 0 | |