Саха дьахтар таҥаралаах. Үгүс номохтор да, улуу суруйааччыларбыт да айымньылара ону туоһулуур. Саха кыыһа - омук анала. Омугун удьуорун салҕыыр аналлаах. Кыратыттан барыны бары сатыыр, мындыр гына иитэллэрэ.
Саха кыыһын кэрэтин, сэмэйин, тутта - хапта сылдьарын уустаан - ураннаан хоһуйаллара.
Туналыйар эрэ ньуурдааҕыам,
Туттаҕардыыр эрэ бэйэлээҕиэм,
Кыталыктыыр эрэ кыылларга
Кытарахтыы эрэ саныыбын!
Күлүмүрдэс эрэ дьүһүҥҥүн,
Күлүмнээн эрэ көрөргүн
Күннээҕэр эрэ күндүтүк
Көрөбүн эрэ, көмүһүөм!- диэн алаас уола Алампа хоһуйан турардаах...