Воскресенье, 19.05.2024, 05:30
Приветствую Вас Гость | RSS
Муниципальное бюджетное учреждение Дом народного творчест...

15:47
Сэтинньи ый-Байанай ыйа. Иччилээх олох ыйа.

Сэтинньи–
Байанай ыйа.
Иччилээх олох ыйа.
Айыыта: Иэйэхсит
Иччитэ: Байанай, Сэттэ суол иччитэ Сээлтээн бөҕө.
Ойуута: ох
Суолтата: Орто дойдутааҕы тыыннаах олох.
Тыла: Һук !
Сулуһа: Кэһэх Сулус⭐️
Мала: хойгуо
Тыаһа: хобо
Үүнээйитэ: долохоно
Көтөрө : Улар
Кыыла: киис
Аһа: хаан.
Бухатыыра: Тамаллаайы Бэргэн.
Куота : Нууралдьын Куо.

АЙЫЫГА ХАЙЫҺЫЫ СУОЛА.
                    
Итэҕэл үгэһэ, биллэрин курдук, элбэх үйэ тухары оҥоһуллар.
Айыы итэҕэлин хос тилиннэрии 1990 сылтан саҕаламмыта. Итиниэхэ бастакы барыл “Үгэс эргиирэ” оҥоһуллубута. “Кут-сүр” кыһа итини “Барҕарыы” тосхолугар олоҕуран онорбута.

Айыылардыын ситим.

Үгэс сыллааҕы эргиирин үйэтитэр сорук турбута. Бу иһин ыйдааҕы үгэскэ
Айыы санааны олордуу саҕаламмыта. Тоҕо диэтэххэ, *Айыы* диэн саха муҥутуур сырдык ырата буолар.

Холобур:
Айыыһыт диэн саха төрүүр-ууһуур олоҕу ыраланыыта ааттанар.
Онон хас ый аайы Айыылары бигэргэтии барбыта :

☀️Кулун тутар — Дьөһөгөй – үлэлээх олох.

☀️Муус устар — Айыыһыт – төрүүр, ууһуур олох.

☀️Ыам ыйа — Иэйэхсит – айылгылаах олох.

☀️Бэс ыйа — Үрүҥ Айыы Тойон – бүтүн олох.

☀️От ыйа — Аан Алахчын – иччилээх олох.

☀️Атырдьах ыйа — Аан Дьааһын – дьиҥнээх, кырдьыктаах олох.

☀️Бэһинньи — Улуу Суорун – идэлээх олох.

☀️Алтынньы — Хотой Айыы – түмсүүлээх олох.

☀️Сэтинньи — Байанай – иччилээх олох.

☀️Ахсынньы — Билгэ Хаан – билгэлээх олох.

☀️Тохсунньу — Танха Хаан – билиилээх олох.

☀️Олунньу — Одун Хаан – туруктаах олох.

 

Просмотров: 134 | Добавил: sdksaydam | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Вход на сайт
Поиск
Календарь
«  Ноябрь 2021  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Архив записей
Наш опрос
Оцените мой сайт
Всего ответов: 9
Мини-чат
Друзья сайта
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0

Copyright MyCorp © 2024
uCoz