14:49 Билиҥҥи кэм тойуксуттара | |
Хатыыс Кыыһа Сыдьаайа Лоҥхо (Мария Никитична Пинигина) 1951 сыл балаҕан ыйын 29 күнүгэр Үөһээ- Бүлүү оройуонун Ороһу нэһилиэгин Тамалакаан диэн учаастагар төрөөбүтэ. 1968 с. Зырянка орто оскуолатын бүтэрэр. 1972 с. СПТУ -2 булгахтер үөрэҕин бүтэрэн, 1 – Хомустаах сельсоветыгар үлэтин саҕалаабыта. 1976 с.Хатырыкка көһөн кэлэн олохсуйаллар. Балыыһаҕа, оскуолаҕа араас үлэлэргэ үлэлиир. Маҕаһыыҥҥа атыыһыттан баран, кэлин урбаанньыт буолан пекарня арыйан үлэлэтэ сылдьыбыта. Эдэр сааһыттан ыллыыр – туойар кыыс кэлин 2012 с. муус устар ыйыттан Оһуохай түмсүү тэринэн, оһуохайы күүскэ пропагандалыыр. Ол түмсүүтэ улуус бары тэрээһиннэригэр кыттан дьон биһирэбилин ылар. Оскуола оҕолоругар хас чэппиэр ахсын оһуохайы тэрийэн ыытар үтө үгэстэнэллэр. Ийэтэ Сидорова Парасковья Григорьевна иистэнэр этэ. Ол иистэнэ олорон ыллыыра эбитэ үһү. Онно ыллаһан ырыаҕа уһуйуллубут. Аҕата Васильев Никита Федотович оһуохай таһаарара эбит. Мария кыра эрдэҕинэ аҕата бу орто дойдуттан күрэммит. Онон ииппит аҕата Малакысов Афанасий Яковлевич тойуктуурун истэ улааппыт. Билигин Мария Никитична бочуоттаах сынньалаҥҥа да олордор нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэр көхтөөх кыттааччыта. 70 - 80- с сылларга улуус ыһыаҕар Хатырык тойуксуттара – Заровняева М.Н., Кондратьева Т.Аф. Пинигина М.Н. уонна Түбэттэн биир кыыс буолан, тойугу бастакынан (оччолорго бөлөҕүнэн толоруу сэдэх этэ) бөлөҕүнэн толорон бастакы миэстэ буолбуттара. Худрук кыыс Рожина Лиза көҕүлээн, тэрийэн кыттыбыттара. Үксүн бэйэтэ суруйбутун ыллыыр- туойар. Түөрт оҕо амарах ийэтэ, сэттэ сиэн, биир хос сиэн эйэҕэс эбээтэ. Үлэ ветерана. | |
|
Всего комментариев: 0 | |