От ыйын 3 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан ыытыллыбыт “Төрүччү төлкөтө” сийиэс 27 улуустан 400-тэн тахса дэлэгээти, элбэх кыттааччыны, сэҥээрээччини түмтэ.
Сарсыардаттан үс сиринэн сиэксийэлэринэн үлэ барда. Манна Хатырык нэһилиэгин Аҕа баһылыга Пинигин Алексей Михайлович “Межродовая связь народов Якутии 17-19 веков” темаҕа бэйэтин санааларын эттэ, Ефремова Елена Владимировна (“Сайдам” сынньалаҥ киин дириэктэрэ, “Өбүгэ быстыбат ситимэ-сайдыы олугун тускула” проект автора) “Взаимодействие органов государственной власти, местного самоуправления и общественности по создании наслежных электорнных архивов родословия в наслегах (поселениях)” диэн темаҕа дакылаат аахта.
Онтон 12 чааска Ем.Ярославскай аатынан Судаарыстыбаннай мусуой тэлгэһэтигэр, Төрүччүттэр бастакы сийиэстэригэр аналлаах, харысхал бэлиэлээх, оһуордаах-мандардаах, үөһээ өттүгэр хотойдоох “Өбүгэ сэргэтэ”, сахалыы сиэр-туом тутуһуллан, Алгысчыт Александр Сергеевич Артемьев- Кулан алгыһынан, Хатырык нэһилиэгин “Оһуохай” түмсүү арчыһыттарынан дьону-сэргэни ыраастаан дьоһуннаахтык туруорулунна. Бу өйдөбүнньүк сэргэни, нэһилиэкпит (баһылык А.М.Пинигин) уран уустара Васильев Валентин Титович, Левин Михаил Александрович уонна үөрэнээччи Арчын Муксунов оҥордулар.
Күн иккис аҥарыгар Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар сийиэс Пленарнай мунньаҕа буолла. Фойеларга быыстапка үлэлээтэ. Тэрээһини СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын Олохтоох бэйэни салайыныыга департаменын салайааччы э.т. Афанасий Владимиров иилээн-саҕалаан ыытта.
“Төрүччү төлкөтө” сийиэс сүрүн дакылаатын Саха сиригэр Төрүччү электроннай архыыбын оҥоруу идиэйэтин ааптара, СӨ Наукаларын академиятын ассоциированнай чилиэнэ-Хотугу омуктар төрүччүлэрин үөрэтэр-чинчийэр уопсастыбаннай научнай институт дириэктэрэ Константин Аргунов оҥордо. Кини биэс сыл устата туох оҥоһуллубутун уонна инники былааннары дэлэгээттэргэ сиһилии билиһиннэрдэ.
|