Воскресенье, 24.11.2024, 22:47
Приветствую Вас Гость | RSS
Муниципальное бюджетное учреждение Дом народного творчест...

15:59
"Оһуор-дьарҕаа умсулҕана" быыстапка

Кулун тутар 12 күнүгэр М.К.Аммосов аатынан СР государственноһын түмэлигэр “Оһуор – дьарҕаа умсулҕаныгар” диэн ааттаах нэһилиэкпит уустарын, уран тарбахтаахтарын быыстапкатын аһылынна.  Манна бар дьон көрүүтүгэр үлэ ветерана Тамара Галиновна, үлэ ветерана, СР ОДьКХ бочуоттаах  үлэһитэ, РФ журналистарын союһун чилиэнэ, Нам улууһун, Хатырык нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Валентин Титович Васильевтар,  Майя Семеновна Сыроватская, уран тарбах, сытыы харах, мындыр сүрэх уһун киэһэлэргэ чочуйан оҥорбут  кэрэ оҥоһуктара быыстапкаҕа турдулар, автордар үлэ ветераннара Аксинья Афанасьевна Ноговицына, Христина Егоровна Попова, Таисия Григорьевна Константинова, Полина Николаевна Дьяконова, Надежда Васильевна Соропова, Алексей Михайлович Пинигин, Александрович Левин, МАУ АРТ тэрилтэ салайааччыта, Лена Ивановна Заровняева, үлэ ветерана Александра Васильевна Попова, ону тэҥэ Васильевтар оҕолорун Мария, Владислав, София, куоракка олорор биир дойдулаахпыт туойдьут Мария Прокопьевна Адамова турдулар.

         Т.Г. уонна В.Т.Васильевтар 2011 сылтан туоһу тигэн саҕалаабыттара. Бастакыттан дьаныардаахтык ылсан, үлэлээн-хамсаан, быыстапкаларга кыттан барбыттара. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Якутия мастеровая» быыстакаҕа сылын аайы кыттан ситиһиилээхтик кэллилэр. Өрөспүүбүлүкэ, улуус таһымыгар семинардарга, көрүүлэргэ, ыһыахтарга көхтөөхтүк кыттыбыттарын туоһута, элбэх бочуот грамоталара, махтал суруктара дакаастыыллар. Ону таһынан, Тамара Галинована, Валентин Титович дьиҥ уус дьон быһыытынан, бэйэлэрин идэ оҥостубут сатабылларыгар сиэдэрэйдик угуйан, элбэх киһини туостан тигэр, айар оҥордулар, такайдылар.

         2015 с. Норуот уус-уран оҥоһугун маастарын аатын ылбыттара. 2020 сыллаахха СР норуотун маастарын бочуоттаах аатын сүкпүттэрэ. Ааспыт сылга “Якутия мастеровая” быыстапкаҕа ситиһиилээхтик кыттыбыттара, хамсык кэмигэр онлайн ыытыллыбыт туос күрэҕэр 1-кы, 2-с миэстэлэри ылбыттара.

 

         М.С.Сыроватская 2008 с. Арктикатааҕы искусство уонна культура институтун художник-косторез салаатын бүтэрбитэ. Студенныыр кэмигэр быыстапкаларга ситиһиилээхтик кыттыбыта, үгүс үлэлэрэ Россия, омук сирдэрин галереяларыгар,  чааһынай коллекционердарга тиийэ тарҕаммыттара. 2008 с. Россия худуоһунньуктарын айар союзтарыгар киирбитэ. Үлэтин Граф Биэрэктээҕи 2 №-дээх лицейга саҕалаабыта. Майя Семеновна уһуйбут, үөрэппит устудьуоннара араас быыстапкаларга ситиһиилээхтик кыттыбыттара, үгүс эдэр дьон идэ оҥостон салгыы үөрэммиттэрэ. 2015 с. Норуот уус-уран оҥоһуктарын маастарын аатын сүкпүтэ. Билигин Майя Семеновна иллэҥ кэмигэр айар-тутар үлэлэрэ үргүччү атыыга барар буолан, бэйэтигэр суох. Манна биир үлэтэ, муостан, сиэлтэн дьахтар киэргэлин набора көрүүгэ турда. Эдэр, эрэнэр маастарбыт Майя Семеновна  айара-тутара, кэрэни үксэтэрэ өссө да инникитигэр диэн эрэнэбит.

Күндү биир дойдулаахтарбыт, кэлин, сэргээҥ, кэрэҕэ кыттыһыҥ. Быыстапка бу ый толору турар.

 

Просмотров: 227 | Добавил: sdksaydam | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Вход на сайт
Поиск
Календарь
«  Март 2021  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
293031
Архив записей
Наш опрос
Оцените мой сайт
Всего ответов: 9
Мини-чат
Друзья сайта
Статистика

Онлайн всего: 4
Гостей: 4
Пользователей: 0

Copyright MyCorp © 2024
uCoz