Воскресенье, 24.11.2024, 22:57
Приветствую Вас Гость | RSS
Муниципальное бюджетное учреждение Дом народного творчест...

11:50
Номох

Хатырыктаах Санньыл5а

Ити киһи Чурапчыга үөскээбит киһи эбит. Нэһилиэгин билбэппин. Бүөкээни диэн алааска үөскээбит. Бээтин аҕатын аата Күөттээни диэн эбит. Ийэтин аата биллибэт. Ити киһи биир сүрдээх улахан, киэҥ алаастаах эбит. Ол алааһын түөлбэтигэр олорор эбит. Саамай дьиҥнээх киинигэр. Ити кини алааһа биир улахан саар булгунньахтаах эбит. Ол булгунньаҕын хаҥас тэллэҕэр хотуттан ааҥнаан киирбит бөдөҥ томороон тииттээх тумул баар эбит. Ол тумулга кэлбит-барбыт дьон бары тохтоон, тоҕуоруйан, аһаан-сиэн бараллара үһү. Бу Күөттээни диэн оҕонньор сүөһүнэн байбыт баай-дуол киһи эбит.

Улахан уола Хатырыктаах Санньылҕа бэт эдэр сааһыттан ойуун киһи буолбут. Ол киһи, ол ойууннаан, барытын чугастааҕыны билэн, эмтээн-томтоон, дьэ, Хатырыктаах Санньылҕа дуо диэн аатыран барбыт.

Иккис уола Лыгый Бөҕө диэн. Кини сүөһү-ас иитэр, хаһаайыстыба тэринэр, дьиэни-уоту көрөр киһи эбит.

Үһүс уола Адаҕымда Бэт наар бөдөҥ булду бултаан, тайаҕы, эһэни өлөрөн, дьэ, онон аһаан-сиэн, иитиллэн олороллор эбит.

Төрдүс уола Быһый Чөөкүмдэ араас күндү түүлээҕи, көтөрү- сүүрэри бултаан, онон дьонугар көмөлөөх. Куһу-куобаҕы, саһылы, солоҥдону, кырынааһы бултаан, аһаан-сиэн олорбут дьон эбит.

Кыыһа Көтөр Бүөбэх дьүһүнэ адьас харахтыын, кыламанныын туус маҕан эбит. Адьас хастаххай маҕан¹ дьахтар эбит. Таҥаһын буоллаҕына, кыһыҥҥытын бэргэһэлиин, үтүлүктүүн бүтүннүү маҕан куобаҕынан, кыһыҥҥы куобаҕынан, түүтүн таһыгар гына таҥнар эбит. Сайыҥҥы таҥаһа буоллаҕына, от-мас сибэккитин мунньан, ону тигэн, тайах, таба тириитин, ону сарыылаан, маҕан таҥаһы таҥнар идэлээх эбит. Итиэннэ кырынаас эҥин тириитин, мугучаах² тириитин таҥнар эбит. Үксэ ойуу оҥостор курдук кэпсииллэр этэ.

Дьэ, ити дьахтар тохсунньу ый тоҕус күнүгэр кыһын хас сыл аайы хадыһа оҥостон тахсар. Ол саар булгунньаҕын үрдүгэр тахсан хонор буолбут. Бу дьахтар, сайынын буоллаҕына, от ыйын 12 күнүгэр эмиэ ол саар булгунньаҕын үрдүгэр тахсан хонор идэлэммит.

Бу сүөһүлэрин, баайдарын иһигэр саамай бэлиэ икки сүөһү баар. Ол сүөһүлэриттэн бэлиэтэ диэн атыыр оҕус эбит. Ол атыыр оҕус сүүһүгэр туоһахталаах, икки өттүгэр саппыйалаах, кутуругун төбөтө үрүҥнээх. Биир ассыын, ол аата түөт чиэппэр, уһун муостаах. Кутуруга сиргэ сыһыллыбытын ордуга биир ассыын. Сиргэ тиийэн баран, биир ассыын сыһыллар эбит. Итиэннэ иккис бэлиэ сүөһүтэ биир атыырдаах эбит. Ол атыыра кыталык элэмэс. Ол аата кугас элэмэс диэн буолар. Ити атыыр көҕүлүттэн үөһээ өттө, сиэлэ икки өттүнэн силэллэн түспүт, сиһэ бүтүннүүтэ эмиэ арҕаһын, моонньун, сиэлин курдук, сиһин икки өттүнэн хайдан, намылыйан түһэр уһун сиэллээх эбит. Кутуруга быҕаҕаһыттан үөһээ өттө маҥан, такымыттан үөһээ өттө, аллараа өттө хара уонна уһун, суон хойуу кутуруктаах эбит.

Дьэ бу сүөһүлэнэн, байан-тотон олордоҕуна, аччыгый уола Быһый Чөөкүмдэ тыаҕа бултуу тахсыбыт. Ол тахсан, уон ордуга икки куобаҕы уонна саһыл, кырынаас, солоҥдо сүгэн киирэн иһэн, баараҕай булгунньах хаҥас тэллэҕэр баар тумул бөдөҥ тиит аннынан суолун устун киирэн истэҕинэ, улахан тиити үстэн бииринэн холобурдаах үрдүк, улахан, суон киһи барыйан көстүбүт.

Бу киһи Быһый Чөөкүмдэни: “Тохтоо эрэ, нойоон”,-диэбит.

Быһый Чөөкүмдэ эргиллэ түспүт киһитин диэки. Киһитэ барыйан туран эрэ эппит: «Ааттаах быһый Быһый Чөөкүмдэ буоллаҕыҥ дии. Үс тоҕус түһүлгэтэ оҥор»,-диэбит. Ол аата то5уста кылый, то5уста ыстаҥалаа, тоҕуста куобахтаа диэн. “Мин кэннигиттэн батыһан көрүөм»,- диэбит.

Инньэ диэбитин кэннэ, Быһый Чөөкүмдэ, куттаммыта да бэт буолан, үс тоҕус түһүлгэни оҥорон түһэр. Куобаҕын, таһаҕаһын түһэрбэккэ эрэ, сүкпүтүнэн.

Били түһэн истэҕинэ, бүтэн истэҕинэ, кэнниттэн атах тыаһа либиргээн иһиллэр уонна сөҥ саҥа эмиэ иһиллэр: «Нойоон, биир сүөмү аһардым ээ. Аны эн мин киһим буолаҕын»,-диир.

Инньэ диэбитин кэннэ, Быһый Чөөкүмдэ дьиэтигэр, таһаҕаһын сүкпүтүнэн, сүүрэн дэгэйэн киирэр. Аанын тэлэйэ баттаан, таһаҕаһын сүкпүтүнэн аҥаар атаҕынан аан боруогун атыллаан турдаҕына, киллэрбэккэ эрэ, тойон убайа Хатырыктаах Санньылҕа үс сырҕан эһэ тириитэ олбохтонон билирик ороҥҥо кэтэҕиттэн тардыһан тиэрэ түһэн олороро үһү.Өйөнөн. Кини эппит: « Дьэ, нойон, алдьархайы оҥордуҥ. Иин уутун курдук, иҥнэри үктээн киирдиҥ. Ити Үөһээ Халлаан Былытын уола түһэн турарыгар түбэһэ кэлэҥҥин, кылыйаҥҥын, ыстаҥалаан, куобахтаан, кыаттардыҥ. Ол кыаттарбыккын ити абааһы уола аны мин киһим диир. Онон, үс хонукка тохтотон бараммын, ити киһини илдьэ барабын диэн этэр. Сэргэҕэ дьэргэлгэн элэмэһим баанан турар. Ол үрдүгэр түһэҥҥин, төттөрү сүүрдэн таҕыс, тииккэ өйөнөн турара буолуо. Ону: «Тойон убайбар киириэҥ үһү диэ. Оччоҕо батыһан киириэ»,- диир.

Ол ыккардыгар Хатырыктаах Санньыл5а суол ааныттан уҥуо ороҥҥо дылы хара эһэ тириитинэн сиргэ тэлгэтэн, уҥуо ороҥҥо үс хос сырҕан эһэ тириитин тэлгэттэрэн, үс баҕанаҕа сур бөрө тириитин салама ыйатан тоһуйар.

Быһый Чөөкүмдэ били аты миинэн тахсан Былыт уолун ыҥырар: «Тойон убайбар киириэҥ үһү»,-диир. Диэт, атын төттөрү салайа баттыыр да, дьиэтин диэки тибилиннэрэр. Ол иһэн иһиттэҕинэ, киһи атаҕын тыаһа либийэр. Атын сэргэтин биир салаатыгар иилэ быраҕар да Быһый Чөөкүмдэ дьиэҕэ киирэр. Дьиэҕэ киирбитин кэннэ, аан тэлэллэ түһэр. Биир хара күлүк киһи киирэн кэлэн, уҥа ороҥҥо олорбут курдук күлүгэ көстөр.

Хатырыктаах Санньылҕа, ойон туран, түҥүрүн ылан, кыыран илгистэр: «Бу бырааппын ылыма.Хааллар. Ол оннугар мин атын тугу ба5арар биэриэм”,-диир.

Кыыран бүтүүтүн түмүгэр- кэпсэтии. Абааһы уолунаан сөбүлэһэллэр икки өттүттэн. Сөбүлэһэннэр, тоҕус хонукка тохтотор буолар. Итиэннэ илдьэ барарын тохтоппот Абааһы уола.

Дьэ туран, кэпсэтиилэрин түмүгэ- үс суол муус ураҕаһынан үүрбэ үүрдэрэргэ диэн. Үүрбэ диэн сэттэ эргэ бара илик кыыс, сэттэ ойох ылбатах уол итиэннэ маҥан түүлээх үс сэттэ ынах сүөһү. Барыта эдэр, үс саастаах, икки саастаах сүөһү. Итиэннэ үс сэттэ сылгы сүөһү. Бу сүөһүнү үс муус маҕан таҥастаах, үс маҕан ураҕастаах, ол аата тэтиҥ маһы сулуттаран, бу сүөһүнү, бу икки сэттэ киһини барытын, ол ынахтары, сылгылары барытын, саар булгунньах тэллэҕинэн үстэ эргиттэрэн баран, тумул баараҕай тииттэр, абааһы уола тохтообут тиитин, аннынан хоту диэки үүрдэрэр кинэ кэпсэтэллэр.

Ити бириэмэ балаҕан ыйын эргэтин, алтынньы ый саҥатын диэки буолуо дииллэрэ.

Дьэ, ити тоҕус хонуктара туолан, ити үүрбэни бүтүннүү үүрдэрэн, Быһый Чөөкүмдэ, тугу да аһаабакка-сиэбэккэ хаҥас ороҥҥо сытан, өлөн хаалар. Ону Хатырыктаах Санньылҕа көмтөрөр.

Дьэ, ити уоллара өлөр, икки сэттэ уоллаах кыыһы кытта, үс сэттэ сүөһүнү үүрдэрэн бүппүтэ төгүрүк сыла туолбутун кэннэ, Бүөкээни диэн алаастаах Күөттээни оҕонньор улахан уолун Хатырыктаах Санньылҕаны соруйар: «Бу Былыт уолугар өрө кыыран таҕыс. Тоҕус олоххо кыыран баран, тиийэриҥ буолуо. Мин атыыр оҕустаахпын. Ону киллэрэн, атыыр оҕуһунан хассыһыннаран, кыайдын».

Инньэ диэн эппитин курдук, уола, өрө кыыран тахсан, кырыа дьаҥха илбистэнэн, төттөрү эҥсиллэн түһэр. Тойон аҕатыгар этэр: «Абааһы уола оҕуһун эһиил от-мас хагдарыйыытын саҕана, киирэ сылдьыбыт кэмигэр, киллэриэх буолла»,-диир.

Били кыырыы кэнниттэн биир сыла туолуор дылы, урут да5аны, атыыр о5ус, чугастаа5ы илин улуустарынан, атыыр о5устары кэрийэ сылдьан харсар идэлэммит. Тулуктаһан биир да харсар оҕуһу булбатах. Барытын кыайар эбит. Ити оҕус саас кулун тутар эргэтин диэки, түөттээх сааһыттан ыла идэ оҥостон, Үрүҥ күөл арҕаа өттүгэр Нам сиригэр түөт биэрэстэ холобурдаах тэйиччи олорор Мооһордор Олохторо диэн сиргэ тахсан, үс хонон киирэр идэлээх эбит. Хас сыл аайы.

Эһиилгитигэр кэпсэтиилээх кэмнэрэ тиийэн кэлэр. Дьэ, биир түүн, биир нэдиэлэ хонугун былаанын тохору, ол күрбэ иини³ хаһан-хаһан баран, саар булгунньахха күрбэ иини хаһар. Абааһы уола тохтообут тиитин, муоһунан аалан, муоһун сытыыламмыт.

Дьэ, ол гынан баран, сэттэ хоммутун кэннэ, түүн үөһүн бадахтаах, оҕустар харсар айдааннара, тыастара-уустара, муос тыаһа бачыгырааһына, оҕус муннун тыаһа бууһурҕааһына, иэк-сиэк мөҥүрэһии, айаатаһыы иһиллэр.

Сарсыарда халлаан сырдаан эрдэҕинэ, тыҥ хатаҥ, били оҕустар харсар тыастара тохтуур.

Хатырыктаах Санньылҕа билириккэ кэтэҕиттэн тардыстан олорор. Аҕата Күөттээни оҕонньор ыйытар: “Хайа, нохоо, о5ус хайаата?”-диэн. Санньыл5а: “О5ус кыаттарда”,-диир.

Дьэ, лаппа сырдаабытын кэннэ, күн тахсыбытын кэннэ, иккис уол Лыгый Бөҕө оҕуһу көрө барар. Саар булгунньах хаҥас тэллэҕэр, улахан тиит төрдүгэр оҕус өйөнөн баран турар үһү. Ону тахсан көрбүтэ, хаҥас буутугар биир сиринэн, хаҥас ойоҕоһун төрдүнэн биир сиринэн итиэннэ хаҥас моонньун хорук тымырын тобулу анньан, оҕус хаана баран, ыарыыланан, өлөөрү турарын аҕатыгар киирэн этэр.

Аҕата тойон: «Ити өйөнөн турбут тиитин төрдүгэр, улахан күрбэ ииннэ хаһан, ытыгылаан, көмөҥ кэбиһиҥ»,-диир.

Күөттээни кырдьаҕас баппат: «Былыт уола уолбун сиэтэ, о5успун кыайда. Кыайбыт киһи ситэри кыайдын. Аны, атыырбын киллэрэн, атыырынан охсуһуннаран кыайдын»,-диир.

Инньэ диэн Хатырыктаах Санньыл5а, кыырбытын курдук, өрө кыыран: «Төгүрүк сыл буолан баран, киирбит кэмигэр атыырын киллэриэх буолла»,-диир.

Дьэ, инньэ диэн баран, төгүрүк сыллара туолар күһүнэ буолар. Күһүн тиийэн, оҕус харсыбыт кэмигэр, атыыр саар булгунньахха үс сиринэн күрбэ иин хаһар. Туйаҕынан табыйан. Ол гынан баран, тоҕус хонук устатыгар баайыллар. Ол хаспыт иинин буоругар, үҥкүрүйэн-күөлэһийэн, суунар-тараанар.

Дьэ, били оҕус харсыспыт кэмигэр, түүн үөһүн саҕана, эмиэ атыырдар охсуһар тыастара иһиллэр. Алааһы тула эккирэтиһэн сырсар уонна ыйылаһар орулаһыылара-сарылаһыылара, тиистэрин тыаһа иһиллэр. Сарсыарда тыҥ хатыытын бадахтааҕа тыас-уус, айдаан-куйдаан намырыйар. Онтон тохтуу түһэн баран, Хатырыктаах Санньылҕа үһүс уолга Адаҕымда Бэккэ этэр: «Атыыры тахсаҥҥын көр. Атыыр туох бэлиэлээҕий?. Арааһа, кыайда быһылаах»,-диэн.

Ада5ымда Бэт, үһүс уол, тахсан көрбүтэ: саар булгунньах илин тэллэ5эр, илин диэки, күн тахсар сирин тобулу көрөн баран атыыр турар үһү. Кини уҥа моойун төрдүгэр хатыылаах, суон үс сүүмэх атыыр кутуругун иилэн турар эбит. Ону көрөр. Дьэ, ол аата биһи атыырбыт абааһы атыырын кыайбыт бэлиэтэ-кутуругун үс сүүмэх кылын логлу анньан хаалар.

Дьэ онон, Хатырыктаах Санньылҕа, Күөттээни оҕонньор сүбэлэһэннэр, биһиги, дьэ, кыайдыбыт-хоттубут, өрөгөйбүт үрдээтэ диэннэр, аал уоттарыгар уот оттоннор, кыһыл талаҕы үс сиринэн эриэннии кыһаннар, үс тыһы сүүмэх кылы баайаннар, үс үтэһэ эти үөлэннэр, арыылаах кымыһынан айах тутаннар уонна ас кутаннар, Күөттээни оҕонньор Хатырыктаах Санньылҕаны соруйар: “Дьэ, Былыт уолугар өрө кыыран тахсан, суо-бааччы кэпсэт. Аны билистибит-көрүстүбүт. Мин кинини кытта уруулаһыахпын, аймахтыы буолуохпун баҕарабын. Онон кыыспын, киирэн, ойох ыллын»,-диир.

Дьэ, өрө кыыран Хатырыктаах Санньылҕа аарык дьаҥха аартыгын арыйан, өрө кыыран тахсан, эҕэһэлээх тылынан этэҥ эҥсэлитэн: « Хатын балтыбын киирэн кэргэн ылар үһүгүн”,-диэн, суорумньу киһи быһыытынан, суо дорҕоон илдьит тириэрдэр.

Абааһы уола, оччону истэн баран, үөрэн эккирии түһэр. Итиэннэ этэр: «Бу үүнэр дьыл тохсунньу ый тоҕус эргэтигэр күтүөттүү киириэм. Онно кыыскытын сир симэҕин курдук симээн, таҥара табатын курдук таҥыннаран тоһуйаарыҥ»,-диир.

Хатырыктаах Санньыл5а, а5атыгар киирэн, Былыт уолун кытта кэпсэтиитин сиһилии кэпсээн биэрэр. Дьэ, ити кэм ааспытын кэннэ, тохсунньу ый тоҕус эргэтэ буолар түүнүгэр, тохсунньу ый тоҕус күнүгэр дьахтар түүн тахсан, били саар булгунньахха буолбакка, абааһы уола киирэн тохтуур тиитигэр тахсан турар. Ол турбутун кэннэ, Хатырыктаах Санньылҕа барыта муус маҕан таҥаһы таҥыннаран таһаарар. Дьэ, эмиэ уруккутун курдук, сарсыарда тыҥ хатыытын саҕана, ол аата айан киһитэ туруутун саҕана, били тиит төрдүгэр Былыт уола убайар уот кугас, түөт атаҕа баһырҕастаах, хатыҥ баһырҕаһын курдук, кутуруга туос элэмэс, туос ала убайар уот кугас акка мэҥэһиннэрэн, дьахтары көтүппүт дииллэр. Ити аата Көтөр Бүөбэхпит,Былыт уолугар кэргэн тахсан, үөһэ көтүспүт.

Былыт уола, тоҕус хонон баран, Хатырыктаах Санньылҕаҕа биир киһини ыытар. Хатыҥ балтыҥ Көтөр Бүөбэх иистэнэр малын, иһитин умнан кэбиспит. Ону сүгэн таһааран биэриэҥ үһү диэн. Көтөр Бүөбэх иистэнэр малын Хатырыктаах Санньылҕа үс төгүл төхтүрүйэн, илбиһирэн кыыран баран, кыайан сүгэн таһаарбатаҕа үһү.

Итинтэн ылата Күөттээни оҕонньор алааһыгар, дайдытыгар олорор. Иккис уола Лыгый Бөҕө, үһүс уола Адаҕымда Бэт баһылаан-көһүлээн, салайан бараллар.

Хатырыктаах Санньылҕа, ол-бу дойдуну кэрийэн, кыырар идэлэнэр, хас да сыллар усталарыгар оннук идэлэнэ сылдьан, биирдэ биһиэхэ, Хатырык нэһилиэгэр, аҕа уустаһыыта үөскээбитин кэннэ, Чачы аҕатын ууһун сиригэр, Бэс Тумуһах диэн тумулга Пөдүөрэ күөл илиннии соҕуруу тэллэҕэр, баараҕай улахан бэс тэллэҕэр икки бэс силиһин икки эрдигэр киирэн, сонун сыттанан баран утуйа сыттаҕына, Чачы аҕатын ууһун оччотооҕу баһылыга, ити Тиэрэхэптэр төрүттэрэ, аата кимэ да биллибэт, сэттэ сүгэлээх киһини ыытан, били Хатырыктаах Санньылҕаны баһын быһа оҕустарар. Быһа оҕустарбытын кэннэ, били, быһан бараннар, сэттэ киһи, аттарын үрдүгэр түһэн, төттөрү ол баһылык оҕонньордоругар киирэн, Хатырыктаах Санньылҕаны, дьэ кыайдыбыт-хоттубут, өлөрдүбүт, баһын быстыбыт дииллэр. Ол диэн бараннар, кэпсии турдахтарына, Хатырыктаах Санньылҕа баһын түөһүгэр көтөхпүтүнэн: «Дьолгун-соргугун то5о бырахта5ым буоллун»,- диэн баран, Чачы баһылыгын түөһүгэр Хатырыктаах Санньылҕа көҥдөй көхсө, быстыбыт төбөтүн илиитинэн тутан ылан, түөһүгэр быраҕар. Сэттэ киһи, куттананнар, үрүө-тараа ыстаналлар. Оҕонньордоох эмээхсин, сүрэхтэрэ хайдан, уолуйаннар, сонно тута өлөллөр.

Онон Чачы аҕатын ууһа ити үс киһини онно тута көмөллөр. Ол кэнниттэн хас да сыл буолан баран, бу Нам сиригэр киирэн, Хатырыктаах Санньылҕа сүппүтүн, өлбүтүн туһунан сурах иһиллэр. Кини бэйэтин сиригэр, дьэ онно үҥсэннэр, ол Бүтэй Үөттээҕи уларыттараннар, Хатырыктаах Санньылҕаны кэриэстээн, бу сири Хатырык нэһилиэгэ буоллун диэн ааттаабыттар үһү диэн сурах баар.

Итини кэпсээбиттэрэ: Чурапчы улууһун киһитэ Сахаарап Сэмэн диэн киһи. Намҥа, Үөдэйгэ киирэн олохсуйа сылдьыбыта. Итиэннэ Кыычыкын Хабырыыс(Хабыанньа) диэн киһи. Түбэ киһитэ Лиэбэдьэп диэн, ойуун дииллэр этэ, киһи эмиэ кэпсиирэ. Үһүөн биир тылынан кэпсииллэр этэ. Мин үһүөннэрин истэр этим.

Кэпсээнньит тылы быһаарыыта:

¹ Хастааххай ма5ан-туо5ар да5аны ханнык да хаана-сиинэ суох туналыйар туус маҥан

² Мугучаах- ити кырынаастааҕар кыра, чыс кутуйахтааҕар улахан, синньигэс быыкаайык маҥан кыыл. Кутуруктуун кытта маҕан, туоҕар да бэлиэтэ суох. Муннугар кыра харалаах уонна тыҥыраҕа эмиэ хара.

³ Күрбэ иин- балайда улахан соҕус, сүөһү эҥин тимирэр, боппуолдьа курдук иин.

Василий Николаевич Попов-Бочоох(1909).Нам улууһа,Хатырык нэһилиэгэ.Дьакынаан аҕатын ууһа.

1982 с.В.Н.Попов-Бочоох тылыттан ахтыыны суруйдум Иванов Михаил Спиридонович-Багдарыын Сүлбэ.

 

Литература

Багдарыын Сүлбэ «Талыллыбыт үлэлэр(Т.6 үһүйээннэр, номохтор)»

 / Багдарыын Сүлбэ.-Дьокуускай: Бичик 2013-с. Стр.83-89

 

 

Просмотров: 208 | Добавил: sdksaydam | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Вход на сайт
Поиск
Календарь
«  Октябрь 2021  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Архив записей
Наш опрос
Оцените мой сайт
Всего ответов: 9
Мини-чат
Друзья сайта
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0

Copyright MyCorp © 2024
uCoz