Воскресенье, 24.11.2024, 20:08
Приветствую Вас Гость | RSS
Муниципальное бюджетное учреждение Дом народного творчест...

22:51
Кулуупка эбэм ырыата иһиллэр…

Мин эбэм, Тимофеева Аграфена Тимофеевна, олоҕун устата ырыа аргыстаах.

Эдэр кыысчаан Хатырык ааҕар балаҕаныттан саҕалаан сырдык, кэрэ олоххо тардыhар. Кэрэ куолаhын дьон сэргээн истэрин сайыннара, дьоллоох Дьокуускай куоракка ыллыы-айа айанныыр. Онно Саха сирэ саамай сөбүлээн истэр араадьыйатыгар ырыаhытынан улэлии киирэр, «назначена хористкой радиокомитета» диэн бирикээс киниискэтигэр суруллар. Идэтигэр ситиhиилэрин иhин Соҕуруу, Москва куоракка, ырыаhыт идэтин толору баhылыырга үөрэххэ ыҥырыллар. Самолётунан аналлаах сиригэр көтөөрү турдаҕына, ийэтэ Хатырыктан кыыhын атаара атынан кэлэн иhэн сыарҕаҕа баттаппытын истэр. Ол курдук эбэм ийэтин ыарыылаан үөрэҕин куоттарар. Кини оннугар Соҕуруу үөрэххэ оччолорго эмиэ эдэр специалист, бииргэ Радиокомитекка улэлиир кыыhа, дьүөгэтэ, Марыына Попова барбыта диэн кэпсиирэ. Марыына Попова Саха сирин үтүөлээх биллэр ырыаhыта буолан, сааhыран да баран Хатырыкка гастроллуу кэллэҕинэ эбэбэр хайаан да ыалдьыттаан ааhара.

            Радиокомитетыгар улэлии сылдьан эбэм эhэбин көрсөн ыал буолаллар. Иккиэн араадьыйа ырыаhыттара, ырыалара онно элбэхтэ иhиллэрэ. Кэлин дьиэ-уот оҥосто Хатырыкка кэлэллэр. Ол урдук ырыа аргыстаах дьоҥҥо Хатырык кулууба аанын тэлэччи аспыта.

Эhэм, Кривогорницын Иван Михайлович, аккордеонна, эбэм мандолинаҕа сөбүлээн оонньууллара, ырыаларын доҕуhуоллаан элбэхтэ ыллыыллара. Үлэлэрин кэннэ киэhэ хойукка диэри, өрөбуллэргэ эмиэ – репетиция, гастрол, кэнсиэр… Элбэх эҕэрдэ кэнсиэрдэрэ, агитбиригээдэлэр, айар биэчэрдэр ахсаанын ааҕан ситиллибэт.

            Мин оҕо сылдьан эбэм концертнай элбэх былааччыйалардааҕын сэргии көрөр этим, кимиэхэ да суох эриэккэс киэргэллэрдээх, блёсткалардаах, оҕуруолардаах.. – атлас, куруhуба, парча, солко… Сыанаҕа тахсарга хайаан да атаҕын танаhыттан саҕалаан бөрүчүөскэҕэр, киэргэлгэр тиийэ барыта кыраhыабай, ыраас, дьэрэкээн буолуохтааҕын эбэбиттэн билбитим. «Сценическэй уобарас» булгуччу тутуhуллара киниэхэ өссө куораттааҕы Республика таhымнаах сыана ирдэбилиттэн баарын мин өйдүүрүм.

            Өр сылларга Хатырыкка, улууска, Республикаҕа творческай үлэтин сыаналыыр элбэх грамоталар, махтал суруктар туоhулууллар. Ол курдук биир улахан үөрүүтэ – Саха сирин Культуратын Министриттэн туппут Соҕуруу курортка путёвката этэ.

            Эбэм, Аграфена Тимофеевна, сыанаҕа тахсыбыта 60 сылын бэлиэтии 1994 сыллаахха Хатырык кулуубун улэhиттэрэ «Ырыа алыптаах олоҕум» диэн ааттаан айар кэнсиэрин тэрийсибиттэрэ. Ити курдук эбэм олоҕун бутэhик сылларыгар диэри таптыыр кулуубугар ыллаабыта-туойбута.

            Хатырыкпыт кулуубугар дьон куруук толору мунньустара, «кэппиэйкэлээх» билиэт ыларга- уочарат, оҕо аймахха олорор миэстэ тиийбэт буолан уонна кэнсиэргэ кыраhыабай таҥастаах кыттааччылары чугастан көрөөрү, сыана иннигэр сиргэ олорорбут. Кэнсиэр саҕаланыар диэри саала үрдүк потологар ыйаммыт модьу люстралары одуулуурбут, тахсан тиритиэхпитигэр диэри мэниктиирбит.

            Микрофон холбонно, кэнсиэр саҕаланна… Эбэм дьүөгэлэрин кытта үhүө буолан «Катюша» сахалыы тылбаастаммыт ырыаны көрөөччүлэр көрдөhүүлэринэн иккистээн сыанаҕа тахсан толорбуттарын бу соторутааҕыта эрэ буолбут курдук саныыбын.

 

Хаартыскалар:

1. Аграфена Тимофеевна5а Грамота туттарыыта;

2. «Гастроллуу бараары туран, массыына урдугэр» диэн хаартыска кэннигэр суруллубут (ханастан 2-с)

3. Кулууп улэhиттэрин кытта;

4. Кулуупка Сана Дьыл биэчэрэ (уна)

5. «Катюша» - трио (ханаска)

 

Ахтыыны суруйда Ольга Кривогорницына

Тохсунньу, 2023 с.

Просмотров: 166 | Добавил: sdksaydam | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Вход на сайт
Поиск
Календарь
«  Февраль 2023  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
2728
Архив записей
Наш опрос
Оцените мой сайт
Всего ответов: 9
Мини-чат
Друзья сайта
Статистика

Онлайн всего: 5
Гостей: 5
Пользователей: 0

Copyright MyCorp © 2024
uCoz