13:08 Хатырык нэһилиэгин историятыттан. | |
Биһиги нэһилиэкпитигэр, Хатырыкка, артыалы тэрийии оройуон үгүс нэһилиэктэригэр артыаллар тэриллэ иликтэринэ урут тэриллибитэ. Саас муус устар ыйга 1930 сыллаахха Хатырыкка бастакы съезд хаһаайыстыбаннай артыал «Кэһэр» диэн тэриллибитэ. Бу биһиги улууспутугар “Соттой” уонна “Чомоорко” коммуналар кэннилэриттэн тэриллибит артыалынан биллэр. «Кэһэр» артыал аатын РКП(б) чилиэнэ, ревкомовец Карамзин Николай Егорович 1921 с. Көбөкөн нэһилиэгэр урут бандьыыттарынан ытыллыбыт, Хатырык нэһилиэгэр Советскай былаас бастакы сылларыгар ревкомнаабыт киһи кэриэүигэр сүгүрүйэн «Кэһэр»- диэн таптал аатын ылыммыттарын билиҥҥи көлүөнэ дьон билиэх-көрүөх тустаахтар. «Кэһэр» артыал тэриллэригэр 1930 сыллаахха 16 хаһаайыстыбалаах, 28 үлэһиттээх, 4-тэн тахса дууһалаах этэ. «Кэһэр» тыа хаһаайыстыбаннай артыал бырабылыанньата 5 киһиттэн састааптаах быыбардаммыта. Бырабылыанньа чилиэттэрэ:
«Кэһэр» артыалга 17 ат, 3 косилка, 3 ат кыраабыла, 5 булуук, 2 сеялка, 20-чэ5э чугаһыыр ыанар ынах, 3 дьиэ холбоммута. «Кэһэр» артыал олорор киинэ «Барылас» диэн сиргэ буолбута. Попов Николай Петрович(Бабыаһай), Прокопьев Афанасий Львович дьиэлэрин ылан бастакы колхозтаахтар олорбуттара. Бастакы колхоһу тэрийиигэ Хатырык кырдьаҕас биллиилээх коммуниһа т.Георгий Иннокентьевич Попов бэйэтинэн биирдиилээн ыалларга хоно сылдьан кинилэр колхозка киирэллэригэр быһааран өйдөтүү үлэ ыыппыта. 1931 сыллаах саас артыалга элбэх чилиэн киирбитэ «Кэһэр» артыал улаатан «Түмэппий» уонна «Кыһыл Талаһа” артыалларга кубулуйбута. Ол са5ана “Түмэппий» артыал председателинэн Больницкай Алексей Прокопьевич, «Кыһыл Талаһа” артыал председателинэн Аммосов Дмитрий Кирович быыбардаммыттар. Сылтан-сыл олох сайдан иһиитин тэҥэ артыаллар сайдан, бөдөҥөөн испиттэр. 1937 с. «Түмэппий» артыал «Ворошилов» аатынан колхозка, «Кыһыл Талаһа» артыал «Каганович» колхозка кубулуйбуттар. Ворошилов колхоз бастакы председатель Охлопков Егор Григорьевич(Чаҥыс), солбуйааччынан Больницкай Алексей Прокопьевич талыллыбыттар. «Каганович» колхоз председателинэн Уваровскай Гаврил Егорович талыллыбыт. Ворошилов колхоз билиҥҥи Хатырык бөһүөлэгин 54 га бурдук сиригэр түһэрбитэ уонна тутууну күүскэ ыыппыта. Барыта үс колхоз дэриэбинэлээн олорууну саҕалаабыта. М.К.Аммосов олоҕун тиһэх күннэригэр диэри төрөөбүт Хатырыгын дьонун кытары сибээһин быспатаҕа. Кэлин улуу өрүс арҕаа мыраанын анныгар бөдөҥ дэриэбинэ баар буолбутуттан, элбэх саҥа дьиэлэр дьэндэспиттэриттэн, хаһаайыстыбата кыаҕыран эрэриттэн үөрэн 1937 с. кулун тутарга Ворошилов аатынан колхозка маннык ис хоһоонноох телеграмманы ыыппыта. «Ворошилов аатынан мин төрөөбүт колхоһум хаһаайыстыбаннай, культурнай ситиһиилэриттэн, ордук оскуола, кулууп, баанньык, бастыҥ көрдөрүүлээх сибиинньэ хотоно уо.д.а. тутуллубуттарыттан олус үөрдүм. Бары мин биир дойдулаахтарбар колхозтарга итии эҕэрдэбин тиэрдэбин уонна баҕарабын Ворошилов аатынан колхоз Саха сирин биир саамай культурнай байылыат олохтоох бастыҥ колхозтарыттан биирдэстэрэ буоларыгар». (М.Аммосов) Кини кэриэһин биир дойдулаахтара толорон сылтан сыл аайы бөдөҥсүйэн, улаатан, тупсан, ситиһиилэнэн иһэллэр. Ферма сэбиэдиссэйэ Дмитрий Суханов, завхоз Василий Сергеевич Иванов туһата суох биир да сүөһүнү өлөрбөтөхтөрө, сылга биир-икки эрэ ньирэй өлөрө, итэҕэстээһини, буорту оҥорууну таһаарбатахтара. Маҥнай колхоз буолуута туох да суоҕа, ол иһин биригээдэ аайы 8-тыы косилкалаах, 5 кыраабыллаах, онон 16 косилканы, 10-ча кыраабылы, бурдукка 5 самоскид, 2 ат самовяһын атыылаһан үлэлэппиттэрэ. Колхоһу 1933 сылтан МТС хабар буолбута.15 ат күүстээх “Форзон” трактордар кэлбиттэрэ. Аан бастакы трактористарынан Михаил Новиков, Анна Атласова, Дмитрий Фёдоров, Афанасий Кутуков, Ион Кулаковскай этилэр. Биригэдьиирдэринэн уонна механиктарынан үлэлээбиттэрэ Афанасий Охлопков, Иван Данилович Иванов, Иван Канин, Егор Иванов. Уопсай сүөһүнү “Атамайга“, “Булгунньахтаахха“, “Бэттиэмэҕэ“, “Тукку “ хотонноругар туруораллара. 1934 сыллаахха Остоолбо хотоно тутуллубута. Түүнүн түптээн утуйууну билбэт, үлэ саамай ыараханын көрсүбүт айанньыттарынан буолбуттара Степан Сергеевич Иванов (салайааччы), Григорий Ощепков, Тарас Иванов, “Чоохос Ощепков”, Григорий Больницкай, Пётр Поротов, Иннокентий Ощепков, Николай Попов этилэр. Ыччаттар түүннэри-күннэри илиинэн тиэрэн биир саас эбиэс ыһан, ол дьыл үүнүү бөҕө үүммүтэ. Онно Атласов Петр Егорович, Атласова Анна Егоровна, Куличкин Сергей Семенович, Винокуров Иннокентий Афанасьевич, Попов Иннокентий Ильич, Попов Иван Герасимович, Суханов Василий Васильевич үлэлээбиттэрэ. Хорсун-хоодуот ыанньыксыттар, кыайыылаах үлэһиттэр Попова Дарья Петровна, Атласова Христина Иннокентьевна, Тимофеева Матрена Иосифовна, Парникова Ульяна Дмитриевна, Новгородова Фекла Петровна, Попова Ирина Алексеевна, Винокурова Татьяна Ивановна, Новородова Мария Ивановна, Моисеева Марфа Ивановна, Корякина Александра уо.д.а. маны таһынан Ощепкова Матрена Степановна, Атласова Аксинья Николаевна, Суханова Харитина Гаврильевна, Болтунова Ольга Ильинична, Иванова Ирина Иннокентьевна уо.д.а. этилэр. Сэрии сылларыгар Хатырык нэһилиэгин народнай депутаттарын Советын исполкомун председателинэн 1941 сыллаахха комсомолка Кычкина Екатерина Алексеевна үлэлээбитэ. 19 саастааҕар Хатырык нэһилиэгин 4 №-дээх быыбардыыр уокуругар депутатка кандидатынан турбута. Депутат быһыытынан сэрии ыар сылларыгар Хатырык түрбүөннээх үлэтин-хамнаһын, уот кураан аас-туор олоҕун кыһалҕаларын билбитэ. Бэйэтинэн холобур буолан араас өйдөтөр, үлэлэри ыытара, күүс-көмө оҥороро. Сэрии саҕана нолуок хомуйар агенынан үлэлээбитэ. 1945 с. ССКП чилиэнэ буолбута. Кини кэргэнэ Гуляев Иван Иванович Аҕа дойду Улуу сэриититтэн эргиллибэтэҕэ, уол оҕото 1942 сыллаахха ыалдьан өлөн хаалта. 1948-50 сылларга сельсовет секретарынан Кычкина Е. үлэлээбитэ. Сэрии саҕана Хатырыкка икки колхоз баара: Ворошилов унна Каганович аатынан. Совет биир этэ. Онно председатель1941 сылга диэри Атласов Михаил Дмитриевич этэ. Сэриигэ барбытын кэннэ Суздалов Иннокентий Петрович, Павлов Павел Егорович, Дьяконов Афанасий Григорьевич үлэлээбиттэрэ Ворошилов аатынан колхозка 1937 сыллаахха Попов Дмитрий Иннокентьевич үлэлээбитэ. Сэрии иннинэ бастакы пионерскай лааҕыр тутуллубута. Начальник Уваровскай Ф.Г. пионер бааһаатайдар 1940-41 сылларга Куличкин Роман Николаевич, 1941-42 сылларга Ильин Николай Иванович, 1942-44 сс. Шарин Петр Гаврильевич, 1944-47 сс. Марков Петр Афанасьевич үлэлээбиттэрэ.
1951 сс. «Каганович» колхоз Хатырык нэһилиэгиттэн арахсан Модут нэһилиэгин «Большевик» колхоһун кытта холбоһон Каганович аатынан колхоз буолбуттар. Онно Уваровскай Гаврил Егорович председателинэн талыллыбыт. Итинтэн ыла Хатырык нэһилиэгин «Каганович» колхоһун сирэ-уота олоччу Модут нэһилиэгин сиригэр холбоммут. 1951 сс. Хатырык нэһилиэгин «Ворошилов» колхоһа Маймаҕа нэһилиэгин «Маяковскай» колхоһун кытта холбоһон «Победа» колхоз буолбуттар. Председателинэн Больницкай Алексей Прокопьевич, совет исполкомун председателинэн Собакин Петр Иванович талыллыбыттар. Колхоз киининэн Хатырык бөһүөлэгэ буолбут. Онтон салҕыы 1959 сс. Модут нэһилиэгин Каганович аатынан колхоһа, председатель Макаров Григорий Алексеевич, Хатырык нэһилиэгин « Победа» колхоһа, председатель Елисеев Илья Иванович, Түбэ нэһилиэгин «Искра» колхоһа, председатель Винокуров Иван Васильевич холбоһон М.Аммосов бөдөҥсүйбүт колхозка кубулуйбуттара. Председателинэн Баланов Михаил Павлович, партком секретарынан Елисеев Илья Иванович талыллыбыттара. Колхоз киининэн эмиэ Хатырык бөһүөлэгэ буолбута. Ити кэнниттэн 1966 сс Түбэ, Хатырык, Модут нэһилиэктэрин толору хабар М.Аммосов аатынан колхоз, Арбын, Харыйалаах, Фрунзе нэһилиэктэрин хабар «Коммунизм» колхоз холбоһон бөдөҥсүйбүт «М.Аммосов» колхозка кубулуйбуттара. Председателинэн Сеялов Герасим Герасимович , партком секретарынан Сивцев Николай Иванович талыллыбыттара. Колхоз киининэн эмиэ Хатырык бөһүөлэгэ буолбута. Онтон салгыы 1974 сс алтынньы 15 күнүгэр Түбэ, Арбын, Көбөкөн, Хатырык, Модут нэһилиэктэрин хабар М.Аммосов аатынан колхоз Бөтүн, Аппааны нэһилиэктэрин, Кыһыл дэриэбинэ, Граф биэрэгэ, Аппааны «Карл Маркс» аатынан колхоһун кытта холбоһон аныгылыы типтээх государственнай хаһаайыстыба М.К. Аммосов аатынан совхоз буолбуттара. Директорынан Терютин Михаил Иннокентьевич анаммыта, партком секретарынан Бугаев Николай Федотович, профком председателинэн Рехлясов Егор Павлович быыбардаммыттара. Совхоз киининэн эмиэ Хатырык бөһүөлэгэ буолбута. Колхозтар уонна совхоз киининэн Хатырык бөһүөлэгэ наар буоларын М.К. Аммосов төрөөбүт нэһилиэгинэн кини аатын кытта ыкса сибээстээн иурукку аҕа көлүөнэ ытыктаан ылыммыттарын быһаччы өйдүөххэ сөп. Совхоз хабар сирин иэнэ сүрдээх киэн, оройуон кииниттэн хоту өттө барыта киирэрэ. Үлэтигэр киирдэххэ олоххо көрдөрбүтүнэн үтүө да, мөлтөх да өрүттэрэ үгүстэрэ. Үтүө өрүтүнэн ылан көрөр буоллахха тыа хаһаайыстыбаннай бородууксуйаны оҥорон таһаарыы көрдөрүүлэрэ билиҥҥи кэмҥэ тэҥнээтэххэ олус балысханнара . 1 Больницкай А.П. “Колхозтар тэриллиилэрин туһунан». 2 Кутуков Р.П. “Хатырыкка тыа хаһаайыстыбаннай артыал 3 Е.Н. Собакин «М.Аммосов үрдүк аатыгар сүгүрүйэн» Составитель: Дьяконов С.А. научный сотрудник Республиканского музея истории государственности Республики Саха(Якутия) имени М.К. Аммосова | |
|
Всего комментариев: 1 | |
mikhaillevin1992 оставил комментарий:
13.10.2021, 10:41 | |