18:20 Хатырык нэһилиэгин биллэр тойуксуттара | |
Корякина Екатерина Петровна Күндү киһибит, ийэбит, улахан дьиэ – кэргэн тутула, биһиги олохпутугар сүдү киһибит Корякина (Чепалова) Екатерина Петровна1947 с. муус устар 23 күнүгэр Хатырык нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ыал улахан оҕото буолан ийэлээх аҕатыгар көмөлөһөн, кыра эрдэҕиттэн улахан киһи курдук эппиэтинэстээх, үлэһит буола улааппыта. Ийэбит ыллыыр дьоҕурдааҕа биллэн оскуола сааһыттан сыанаҕа тахсыбыта. Эдэр саас эрчимнээх кэмнэригэр умнуллубат гастроллар, үлэһиттэргэ кэнсиэр, нэһилиэк культурнай тэрээһиннэрэ биһиги ийэтэ суох ааспат этэ. Кэргэн тахсан, ыал ийэтэ буолан да баран ыллыырын тохтоппокко ырыа кэрэ эйгэтигэр кэргэнин, оҕолорун сыһыарбыта. Дьиэ кэргэнинэн сыанаҕа тахсан ыллаан эйээрэрбит, сыыдам сырыылаах массыынаҕа олорсон нэһилиэктэргэ, улуустарга гастроллаан да кэлэрбит. Кэлин ийэбит тойуктуур, оһуохайдыыр буолбута. Ыһыах аһан тойуктуура, оһуохай этэн кыттара. Араас үөрүүлээх түгэннэргэ ийэбитин ыҥыран тойуктаталлара, алгыстаталлара. Кэргэнигэр, оҕолоругар, сиэннэригэр тапталын,төрөөбүт дойдутун кэрэтин, чугас дьонугар ахтылҕанын ырыа ыллаан билинэрэ. Ырыаны олоҕун аргыһа оҥостубута. Ийэбит ыллыыр дьоҕура оҕолоругар, сиэннэригэр бэриллэн, билигин ыллыы – туойа, араас куонкурустарга ситиһиилээхтик кытталлар. Ыллаабыт ырыалара, туойбут тойуктара сүрэхпитигэр мэлдьи олох кыыма буолан умайар. Утум салҕанар.
Ахтыыны суруйда кыыһа Елизавета Дмитриевна Рязанская. 14.11.2020 с., Бастакы Хомустаах. | |
|
Всего комментариев: 0 | |