15:36 Хатырык нэһилиэгин биллэр тойуксуттара | |
Марков Дмитрий Филиппович 1927 с. кулун тутар 3 к. Чурапчы оройуонун Мэлдьэхси нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Үөрэнэр усулуобуйа суох буолан Мэлдьэхси начальнай оскуолатын иккис кылааһын эрэ бүтэрбитэ. Олох кыра сааһыттан колхозка үлэлээбитэ. Төрөппүттэрин батыһан, 1939-1940 сс . Нуотара үрэҕэр сүөһү көрөн кыстаан киирбиттэрэ. Ийэлээх аҕата 1941 с., сэрии саҕаланыан эрэ иннинэ, ыалдьан өлбүттэрэ. Тулаайах хаалбыт 14 саастаах уол ыанньык бостуугунан үлэлээбитэ. Бииргэ төрөөбүт үһүө этилэр. Икки кыыс эрдэ кэргэн тахсан Кэбээйигэ көспүттэрэ. 1942 с. чурапчылары күһүн балаҕан ыйыгар Кэбээйигэ көһөрбүттэрэ. Миитэрэйи онно түбэһиннэрэн илдьэ барбыттара. Күһүҥҥү тымныыга Кэбээйигэ Арыылаах диэн кытыл сиргэ туох да таҥаһа-саба суох, аанньа аһа да суох дьону сүөкээн кэбиспиттэрэ. Биир ый буолан баран Сииттэҕэ таһаарбыттара. Кинини кытта кыра быраата Филипп баара ол күһүн ыалдьан, хоргуйан өлбүтэ. Онон Ньукулай диэн быраатынаан хаалбыттара. Биригээдэнэн балыктыыллар да балык кэлбэт. Сорохтор илдьэ барбыт сүөһүлэрин көрөн кыстыыллар. Элбэх киһи хоргуйан өлөр. Миитэрэй ол кыһын илим баайан дьиэҕэ кыстыыр. Сайын Сииттэҕэ балык тууһууллар, быһыт быһан күһүн дулҕа быыһыгар оттууллар. 1942-43 сс. сүөһү көрөн кыстыыллар. 1944 с. кыстаан олордохторуна Алексей Аргунов диэн Нам райкомун секретара кэлэн агитациялаан Маймаҕаҕа көһөрөн аҕалтыыр. Миитэрэй көһөн кэлээт Маяковскай аатынан колхозка субай сүөһү бостуугунан үлэлиир. Эдэр, үлэһит киһи дьоҥҥо-сэргэҕэ сирдэрбэт, үксүн хайҕалга сылдьар. Сэриини Маймаҕаҕа түмүктээн, производствоҕа күүһүн харыстаабакка үлэлээн 1946 с. «Аҕа дойду улуу сэриитигэр үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаланар. 1946 с. 1950 сылга диэри кыладыапсыктаан баран фермаҕа сэбиэдиссэйдиир. 1952 сылтан Хатырыкка «Победа» колхоһу кытта холбоһон ферма сэбиэдиссэйинэн ананан 1969 с. дылы М.Аммосов аатынан колхозка биригэдьииринэн, ферма сэбиэдиссэйинэн 20-чэ сыл үлэлээбитэ. 1989-71 сс. дылы колхозка тутуу биригээдэтигэр үлэлээн улахан производственнай тутуулары, хотоннору тутуһар. 1971 сылтан 1992 с. диэри М.Аммосов аатынан совхоз рабочайынан, отделение кыладыапсыгынан, фуражирынан үлэлээбитэ. Дмитрий Филиппович ханнык да үлэҕэ үлэлээтэр үтүө суобастаахтык чиэһинэйдик үлэлээбитэ. Бар дьон аптарытыатын, убаастабылын ылбыта. Дмитрий Филиппович тойуксут, алгысчыт, сцена ветерана, самодеятельность актыыбынай кыттыылааҕа. 1967 с. Кутукова Анна Николаевналыын (Хообой Ньукулай кыыһа) холбоһон ыал буолан дьоллоохтук олорон 3 оҕолоноллор. Бары кэргэн тахсан ыал буолан элбэх сиэннээхтэр. Бэрт үчүгэй сөҥ, чөллөркөй куоластаах ырыаһыт, тойуксут этэ. Бэйэтэ уус тыллаах буолан, үксүн өйүттэн айан туойара. Хомойуох иһин биир да ырыата – тойуга сурукка тиһиллибэккэ хаалбыт. 2011 сыллаахха 84 сааһыгар өлбүтэ.
| |
|
Всего комментариев: 0 | |