18:20 Хатырык нэһилиэгин биллэр тойуксуттара | |
Новгородов Петр Саввич
Мин 1935 с. муус устар 10 күнүгэр Хатырыкка төрөөбүтүм, Тоҥус Оонньообукка, салҕааһыннаах саха балаҕаныгар. Биһиги саха балаҕанын өттүгэр олорбуппут, салҕааһын өттүгэр Попов Дмитрий Иннокентьевичтаах олорбуттара. Попова Матрена Николаевналаах эмиэ онно олорбуттара. Төрөппүттэрим аҕам Новгородов Савва Петрович, ийэм Новгородова Фекла Петровна колхуоска үлэлииллэрэ. Бииргэ төрөөбүттэр иккиэбит. Эдьиийим Новгородова Фекла, ийэм бастакы кэргэниттэн Модукка төрөөбүтэ. 3 дуу, 4 дуу оҕо мин иннибинэ төрөөн өлбүттэр. Оскуолаҕа 9-10 саастаахпар киирбитим, сэрии буола турдаҕына. 5 кылааска вечерняйдаан үөрэнэ сылдьан уурайбытым. Үөрэнэ-үөрэнэ оҕолор үлэлииллэрэ, сэрии кэмигэр. Мин ийэбин кытта тэҥҥэ субай сүөһүнү көрөн бостууктуурум, Эбэ алааска. Аҕам Томмокко суол тута барбыта. Аан маҥнайгы учууталым Георгий Игнатьевич эдьиийэ Слепцова Татьяна Игнатьевна (Мигалкина). Кыайыы ыһыаҕа лааҕырга буолбута. Уопсайынан ыһыах куруук ити лааҕыр кэтэҕэр буолара. Модуттан, Кагановичтан, Маймаҕаттан, Хайгыалаахтан кэлэн икки хоно сытан ыһыахтыыллара. Кыайыы парадыгар биһиги оскуолаттан параадтаан, Атамайга арыы собуотугар тиийбиппин өйдүүбүн. Оскуоланы бүтэрэн баран, 5 кылааһынан, колхуоска үлэлии барбытым. Колхуоска наар оҕус, ат көлөнөн мас-от тиэйэн, сайынын оттоон үлэлээбитим. Сэрии кэмигэр ас-таҥас кырыымчык буолара. Сүөһү тыһын куйахалаан сиирбит. Торбос тириитинэн ыстаан тигэллэрэ. Пионерга, комсомолга киирбэтэҕим. Аан бастаан киинэни «Роторга», Атамайга баар экспедицияҕа көрбүтүм, 50-с сылларга. Мин билэрбинэн, сэрии кэмнэригэр, Чаҥыс оҕонньор – Охлопков Дьөгүөр Ворошилов аатынан колхуос бэрэссэдээтэлэ этэ. Холбоһуктааһын кэнниттэн, Больницкай Өлөксөй, уо..д.а. элбэх киһи бэрэссэдээтэллээбитэ. Совхоз бөдөҥсүйбүтэ, наһаа улахан, киэҥ быһыылаах этэ. Салайарга игин ыарахан быһыылааҕа. Биһиэхэ, Хатырыкка, сыантыр буолан, улахан тутуулар барылара ол кэмҥэ тутуллубуттара. Сорох отделениеларга тутуу олох барбакка, сайдыбакка хаалбыттара. Мин 1970-1972 сс. сылгыһыттаабытым, Попов Иван Кирилловичтыын. Ол кэнниттэн биир-икки сыл сылгы аһаппытым. Кэлин балыыһа остолобуойугар рабочайдаабытым. Пенсияҕа 1990 с. тахсан баран убаһа аһаппытым. 1997 с. дылы далга үлэлии сылдьыбытым. Томаны көрсөн ыал буолан, түөрт оҕону улаатыннаран, билигин бэйэбит олоробут. Оҕолорбут кэлэ-бара сылдьаллар. Олохпут уларыйан, совхоз ыһыллан, аһааччы аһаан, туттааччы туттан хааллылар. Балаһыанньа кырдьык ыарахан, үлэтэ суох киһи элбээтэ. Эдэ ыччакка бары үчүгэйи баҕарабын. Биһиги курдук эрэйдэммэккэ, сүөһү тириитин куйахалаан сиир бириэмэ эргиллибэтин туһугар үлэлээн-хамсаан сылдьалларыгар баҕарабын. Олунньу 11 күнэ, 1998 с.
Аҕам туһунан кылгастык. Аҕам Петр Саввич Новгородов төрүкү Хатырык олохтооҕо этэ. Кини муус устар 10 күнүгэр 1935 с. төрөөбүтэ. Оҕо эрдэҕиттэн олонхону, тойугу истэ улааппыта. Хатырык бүтэһик ийэ олонхоһуттарын эт кулгааҕынан истибит дьоннортон биирдэстэрэ э\тэ. Сахалыы ырыаҕа- тойукка оннук сыстан барбыта. Эдэриттэн уус – уран самодеятельность актыыбынай кыттыылааҕа. Ыһыахтарга алгыстыыра, туойара. Хаһан да бэлэмнэнэн сурунан, ыллаан көрбөт этэ дьиэтигэр. Барытын өйүттэн толороро. Алексей Михайлович Пинигин, - Петр Саввич ис иһиттэн наһаа үчүгэйдик алгыыра, наһаа астынан истэрим тылын –өһүн, - диэн турардаах. Кырдьык да уус тыллаах этэ. Үөлээннээхтэрэ да, нэһилиэк олохтоохторо да Бүөтүр Саабыс диэбитинэнн сылдьаллара. Хомойуох иһин биир да тойугун тылын сурукка тиспэтэхпит. Аҕабыт 2016 с. бу орто бараан дойдуттан күрэммитэ.
Суруйда кыыһа София Петровна Новгородова.
| |
|
Всего комментариев: 0 | |