17:19 "Харысхал" акцияҕа "Сайдам" норуот айымньытын дьиэтэ кытынна. | |
Өрөспүүблүкэтээҕи "Симэх" национальнай галерея көҕүлээһининэн "Харысхал" акцияҕа "Сайдам" норуот айымньытын дьиэтин коллектива кытынныбыт. Уопсайа 18 алгыска аналлаах набор, иһигэр: туос, сиэл, боҕуруоскай от, биэс харах харысхал уонна бэйэни күүһүрдүнүү алгыс тыла киирдэ. Бу набор алтынньы ый 26 күнүгэр мобилизованнай эр дьоммутугар айанныыр. Туоһунан көмөлөспүт Валентин Титович, Тамара Галиновна Васильевтар дьиэ кэргэттэригэр уонна кожанан көмөлөспүт технология учууталыгар Венера Николаевнаҕа барҕа махталбытын тиэрдэбит. Бу алгыстаах харысхал эр хоһууттарбытыгар күүстэригэр күүс, эрчимнэригэр эрчим эбиэҕэ диэн эрэнэбит. | |
|
Всего комментариев: 0 | |