16:16 Феодосия Николаевна Лукина. Үлэ ветераннарын “Алгыс” дьахталлар вокальнай ансамбыллара. Ахтыы. | |
Феодосия Николаевна Лукина. Үлэ ветераннарын “Алгыс” дьахталлар вокальнай ансамбыллара. 1984 – 1992 с. диэри кэмҥэ. Директорынан ананан 1984 с. ыам ыйыгар кэлээт, уус – уран самодеятельноһын ветераннарын уонна ыллыан баҕалаах дьону ыҥыран, көҕүлээн, саҥалыы, бастаан хорга мунньан, ансамбль бөлөҕүн туспа тутан саҥа коллективы тэрийбитим. Үлэ революционнай ырыалары толорууттан, үөрэтииттэн саҕаламмыта. Г. Григорян “Былааһы – Сэбиэккэ!”- ырыатынан программа аһыллыбыта. Литературнай музыкальнай монтаж жанра ол саҕана үгүстүк сценаҕа турара. “Алгыс”- дьахталлар ансамбыллара хас да сыл буолан баран хорга тиийэ үүнэ сылдьыбыта. Манна хас да тэрилтэ хордара түмсэн уопсай своднай хордары толорор этибит. Бу коллектив киин культура дьиэтин саамай тэрээһиннээх, түмсүүлээх уонна бэриниилээх коллектива буолбута. Биир да улахан, юбилейнай тэрээһиннэр көтүппэккэ инники сылдьан, кыттан, норуоту көҕүлээн үтүө холобуру көрдөрбүтэ. Кэлин мин барбытым кэннэ 50-55 саастаахтар туспа “Арылы” диэн ааттаах иккис ветераннар кулууптара тэриллибитэ. 2009 сыллаахха кырдьаҕас ансамбыл 25 сылын бэлиэтээбитэ. Манна нэһилиэк бастыҥ үлэһит дьахталлара сылдьан, ырыаны алгыс оҥостон, вокалга сыстан бары олус үчүгэйдик ыллыырга үөрэммиттэрэ. Кинилэртэн ордук Старостина Людмила Васильевна, Куличкина Мавра Федотовнаны, Сидорова Анна Максимовнаны, Новгородова Тамара Петровнаны, Охлопкова Татьяна Терентьевнаны, Петрова Евдокия Ариановнаны биир да занятиены көтүппэккэ сылдьыбыт энтузиастары ахтан ааһар наадалаах. Бу оҕолордоох, сиэннэрдээх сааһырбыт дьон чахчы кулууп үлэһиттэрин өйөөн, ырыаҕа тардыһан, дууһаларынан сылаастык сыдьаайан, общественнай үлэҕэ кырата суох кылааттарын киллэрбиттэрэ. Оччотооҕу салалта Собакин Егор Николаевич, Татаринов Иннокентий Афанасьевич дьону тардар, түмэр дьоҕурдаахтара мантан да көстөр. “Алгыс” ансаамбылга сылдьыбыттара:
Бу коллектив ырыаны кыым оҥостон нэһилиэк культурнай олоҕор бэрт уһуннук кыттыһан, сааһыран да баран кырдьыбат сүрэхтэр, эдэр дууһаларын сылааһынан тымныы кулуубу угуттаабыттара умнуллубат. ХХI үйэҕэ үктэнэн туран махталынан ахтабыт уонна кинилэргэ сүгүрүйэбит. Манна даҕатан аҕыннахха 1984- 1992 сылларга диэри түөрт баянист доҕуһуоллаабыта:
Уус уран самодеятельноһым кыттыылаахтара - ырыаны көмүс дорҕоон гынан көтүтээччилэрим!
Ф.Н.Лукина өр сылга муспут баай опытын тиһэн таһаартарбыт «ХХ үйэ бастыҥ кулууптарыгар» диэн ахтыы кинигэтиттэн бэлэмнээтэ “Сайдам” НАДь методиһа У.Наумова.
| |
|
Всего комментариев: 0 | |