11:40 А5а саастаахтар декаадалара. | |
Алтынньы 4-10 күнүгэр дылы Аҕа саастаахтар күннэрин декаадата ааста. “Хатырык нэһилиэгэ” МТ уонна “Сайдам” норуот айымньытын дьиэтэ, хамсык кэмэ бүрүүкээн турар кэмигэр, бары ирдэбили тутуһан үбүлүөйдээх дьоммутун дьиэлэринэн сылдьан истиҥ эҕэрдэбитин, сэмэй бэлэхпитин уонна ырыа кэһиибитин бэлэхтээтибит. Бу ураты суолталаах күн биһиги аҕа саастаах кырдьаҕастарбытыгар төрөөбүт дойдуларын сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын, албан ааттаах үлэлэрин, эстибэт эрчимнэрин уонна дойду, норуот туһугар бэриниилэрин иһин истиҥ махтал уонна биһирэбил тылларын этэр кэммит буолар.
Аҕа саастаах дьону ытыктааһын, өрө тутуу биһиэхэ сахаларга былыр былыргыттан баар үгэс. “Кырдьаҕаһы хааһаххар уга сылдьан сүбэлэт” диэн былыр былыргаттан мээнэҕэ эппэттэр. Аҕам саастаах киһи олоҕу көрүүтэ, муудараһа үүнэр көлүөнэ ыччакка үтүө холобур буолара саарбаҕа суох.
Кырдьаҕастар аан дойдутааҕы күннэрэ ытыктабыл уонна үгэс эрэ быһыытынан бэлиэтээһин буолбакка, аҕа көлүөнэ дьонугар күннэтэ ахсаабат болҕомто, истиҥ кыһамньы уурарбытын санатар ытык түгэн.
Убаастыыр, ытыктыыр дьоммутун, аан дойдутааҕы аҕам саастаахтар күннэринэн истиҥ эҕэрдэбитин ис сүрэхтэн тиэрдэбит. “Сайдам” норуот айымньытын дьиэтэ.
| |
|
Всего комментариев: 0 | |