15:27 "Чысхаан суолун ирдээн" оҕолого утренник сценарийа |
Хатырыктааҕы «Сайдам» норуот айымньытын дьиэтэ Нам улууһа Ульяна Наумова Чысхаан суолун ирдээн... Саҥа дьыллааҕы оҕолорго аналлаах утренник сценарийа
Оонньуур дьоно: Чысхаан Хаарчаана Маша Эһэ Ыытааччы
Сцена киэргэтиллибит. Саҥа дьыллааҕы ДЖИНГЛ БЭНС музыка тыаһыыр. Ыытааччы киирэр. Ыытааччы – тыый наһаа да үчүгэйдик киэргэтиллибит саала дии. Ыксаан аҕай кэллим дии. Дьикти алыптаах остуоруйаны куоттарыам диэммин. Онтон эһиги оҕолоор төһө саҥа дьылы күүттүгүт? Оҕолор эппиэттииллэр. Ыытааччы –Онтон Чысхааннаах Хаарчаананы көрүстүгүт дуу? Оҕолор эппиэттииллэр. Ыытааччы –Бэлэх бөҕө ыллыгыт? Оҕолор эппиэттииллэр. Ыытааччы –Дьэ бүгүн аны бу улахан харыйаҕа Чысхааннаах Хаарчаананы көрсөөрү бэлэмнэнэн кэллэххит дии. Хоһоон, ырыа, үҥкүү үөрэттигит дуу? Оҕолор эппиэттииллэр. Ыытааччы –Маладьыастар! Тыый оҕолор истиҥ эрэ туох эрэ тыаһыыр. Айдаарымаҥ эрэ! «Маша и медведь” мультик музыката. Маша - Быыһааҥ, абырааҥ диэн хаһыылаах сүүрэн киирэр, кини кэнниттэн бурдукка биһиллибит фартуктаах эһэ сырсан иһэр. Маша уонна эһэ ыытааччыны тула кулахачыйаллар. Ыытааччы –Хайа бу туох буоллугут, уоскуйуҥ! Эһэ- Саҥа дьылга диэн ас астаары гыммыппар ити мэник кыыс сүгүн астаппат. Бурдукпунан сири - дойдуну барытын ыста. Маша - Онтон мин дьиэ иһигэр хаар тэлгэнэ сытар гына оҥоруохпун баҕарбытым. Хаары киллэрдэхпинэ ууллан хаалар дии. Ыытааччы – Оо, оҕолоор, эһиги дьиэҕитигэр хаары тугунан оҥороҕут? Оҕолор эппиэттииллэр.
Ыытааччы – Иһиттиҥ да, Маша? Хаары оҕолор баатанан, кумааҕынан оҥороллор эбит. Маша кэтэҕин тарбанар. Ыытааччы – хата билигин хаары үрэ оонньуоҕуҥ эрэ. Салфетка түҥэтэллэр, оонньууну быһааран биэрэллэр. Оонньуу. Ыытааччы –Хата, Маша уонна Эһэ, биһигини кытта бачча кэлбиччэ Чысхааннаах Хаарчаананы көрсүҥ дии. Эһэ сирэйин кистэнэр. Ыытааччы – хайа туох буоллуҥ? Эһэ - ээ арба миэхэ тыа почтальона оҕолорго сурук ыыппытын сүтэрэн кэбиспиппин дии. Маша сүр үөннээхтик көрөр. Маша – ону баара бу баар ээ. (күлэ- күлэ сарафанын иһиттэн ороон таһаарар, суругу туппутунан ыстаҥхалыыр, эһэ былдьаһа сатыыр, куотан кэлэн ыытааччыга биэрэр) Ыытааччы суругу арыйар уонна доргуччу ааҕар – Күндү оҕолоор! Кыһын Саха сириттэн саҕаланар бырааһынньыгар кэлэ сылдьан Тымныы оҕонньор уонна Санта Клаус Чысхааны Аан дойдуну кэритэ илдьэ бардылар. Хаарчаана. Ыытааччы –тыый оччоҕо Чысхаана суох хайдах бырааһынньыктыыбыт? Санаарҕыыллар. Маша тугу эрэ толкуйдуур курдук туттар. Онтон хаһыытыы түһэр Маша –абрыка кадаабырыка. Урррааа! Мин биллим. Оҕолоор, ким миигин кытта аан дойдуну кэрийэ барсар? Чысхааны булан кэлиэҕин! Оҕолор эппиэттииллэр. Маша – чэ оччоҕо бардыбыт! Бээ, тохтооҥ эрэ! Толкуйдаабыта буолар. Ээ биллим Россияттан чугас Финляндия баар. Онно бардыбыт. Көрдөөх музыка тыаһыыр. Финскай ырыанан флешмоб елка тула. Эргийэн кэлиилэригэр экраҥҥа Финляндия былааҕа- Йоулупукки көстөр. Омуктуу саҥарар. Ким да тугу да өйдөөбөт. Эһэ кэтэҕин тарбана – тарбана – арааһа мин сорудахпын толордоххутуна мин Чысхаан ханна баарын эһиэхэ этиэм диэтэ быһыылаах диир. Мин ырыабар бары үҥкүүлүөхтээххит диэтэ. Маша үөрэ түһэр. Сөбүлэнэ охсор. Оҕолор ыытааччыны кытта үтүктэн флешмоб. (Виски, кола.) Үҥкүү музыката бүтээтин Йоулупукки көстөр. Эмиэ саҥарар. Франция диэн тыл иһиллэр. Маша – Ураа! Ай даа Франциялаатыбыт. Бу сырыыга, Эһэ, эн сирдээ! Эһэни бары батыһаллар. Эһэ оонньуу ыытар. Иннэлээх сүүтүк. Харыйаны эргийэн кэлэллэр экраҥҥа Франция былааҕа. Бары үөрэ түһэллэр кэллибит диэн. Ол кэмҥэ экраҥҥа Пэр Ноэль көстөр. Оҕолору эҕэрдэлиир уонна эмиэ- сорудах толордоххутуна этиэм. Бу сорудаҕым боростуой буотах. Таайан баран оонньоон көрдөрөҕүт диир. Эһэ переводтаан иһэр. Пэр Ноэль(ыытааччы переводтуур)- Саҥа дьылынан күндү оҕолор уонна төрөппттэр!Чысхаан ханна баарын эһиги мин сорудахпын толордоххутуна этиэм. бу предметынан эһээхэйиттэн кырдьаҕаһыгар дылы оонньууллар. Кини эрэһиинэ да буолуон сөп, түү да буолуон сөп,пластмасс, оннооҕор кумааҕыттан кытта оҥороллор. Ол тугуй? Оҕолор эппиэттииллэр. Саамай сөп! Мээчик! Биһиги омук саамай былыргы оонньуубут бильбоке диэн. Стакантан стаканна мээчиги бырахса оонньуу. Дьэ боруобалааҥ эрэ. Бильбоке. Пэр Ноэль - Маладьыастаар! Чысхаан Беларусиялаабыта. Онно Зюзяны көрсө баарта. Ыытааччы белорусскай үҥкүү хамсаныытынан харыйа тула хороводтатар. Эргийэн кэлбиттэрэ экраҥҥа беларуссия былааҕа, Зюзя эҕэрдэтэ. Маша – уой нууччалыы саҥарар курдук дии! Биһигини эҕэрдэлээтэ дии! Уонна оҕолору оонньот диэтэ. Толкуйдаабыта буолан төттөрү таары хаамар. Аа биллим. Мин эһигиттэн ыйытабын ону эһиги “да” эбэтэр “нет” диэн эппиэттиигит. Дед Мороз ходит пешком? С пыльным стареньким мешком? Дед Мороз старик хороший? Носит шляпу и калоши? Скоро Дед Мороз придет, суп свекольный принесет? Раньше он принес нам елку с одной маленькой иголкой? Есть у деда борода? Очень черная она? На плечах носит халат, он ему страшно маловат? Дед Мороз живет в лесу? Ест на завтрак колбасу? Очень старенький он дед? В руке он держит пистолет? Дед Мороз боится стужи? Со Снегурочкой он дружит? Ыытааччы оонньуута. Игра Тимербай. Много детей у Тимербая. Дружно, весело играют. В речке быстрой искупались, Хорошенько отмылись. И красиво нарядились. И ни есть, ни пить стали, В лес под вечер прибежали, Друг на друга поглядели, Сделали вот так! Хаста да хатылыыллар. Сырыы ахсын хамсаныытын уларытан иһэр. Зюзя саҥата экраҥҥа. Ыытааччы – Дьэ эрэ оҕолоор, Чысхааммыт төрүт да Саха Сиригэр барбыт үһү дии. Бээрэ онно тугунан барабытый? Оҕолор эппиэттииллэр. Ыытааччы- ай да бардыбыт атынан. Бары миигин үтүктэн айаннаатыбыт эрэ. Ат тэтимэ. Якутяночка музыката. Флешмоб. Эмискэ сыана кэтэҕинээҕи аан тыаһыыр. Буруо. Буурҕа, торуоска тыаһа. Чысхаан Хаарчаанатынаан киирэн кэлэллэр. Чысхаан – Эҕэрдэ эһиэхэ эйэлээх мин кырачаан дьоммор, Эҕэрдэ эһиэхэ Саҥа Дьыл көмүс хаарынан! Оҕолорбут улааппыттар, тупсубуттар, сорохтор үөрэнээччи буолбуттар, ытыыллара да аччаабыт. Хаарчаана – Саҥа Дьылбыт кэлбитинэн, күндү оҕолоор! Эһээм Аан дойдуну кэрийэн, сир – сир аайы оҕо – аймаҕы кытта көрсөн дьэ бүгүн эһиэхэ тиийэн кэллэ! Ырыа Маша: Чысхаан, онтон эн тоҕо подарога суох кэллиҥ ээ? (ытыыр) Чысхаан: Эс хайдах подарога суох кэлиэхпиний? Манна ханна эрэ соһон сыһан аҕалбытым дии! Ыл Маша харыйа таһын көр эрэ! |
|
Всего комментариев: 0 | |