Суббота, 18.05.2024, 14:26
Приветствую Вас Гость | RSS
Муниципальное бюджетное учреждение Дом народного творчест...

11:23
Василий Николаевич Попов-Бочоох

 

Василий Николаевич Попов – Бочоох.

Василий Николаевич Попов – БочоохНам улууһун Хатырык нэһилиэгэр 1909 сыллаахха тохсунньу 13 күнүгэр Өлүөнэ өрүс Кэнэли арыытыгар төрөөбүт.

          Кини төрөппүттэрэ Дьаакынап аҕа ууһуттан төрүттээхтэр.

         Баһылай кыра сааһыттан соҕотоҕун сылдьан эрэ, ардыгар үлэлии – хамныы сылдьан ис иһиттэн баҕаран туран ыллыыр идэлээх эбит. Дьон – сэргэ, үөлээннээхтэрэ көрдөстөхтөрүнэ улгумнук ылынан ыллаан – туойан биэрэр эбит.

         Василий Николаевич Попов – Бочоох бэйэтэ айан ыллыыр идэлээх эбит.

         Аныгы техника баар кэмэ буолан Үөлэн Кыырдьыт олонхото магнитофн лиэнтэтигэр уһуллан, 2009 сыллаахха Дьокуускай куоракка бэчээттэнэн кинигэ буолан тахсыбыта.

         В. Н. Попов – Бочоох 1938 с. олонхоһуттар республикатааҕы олимпиадаларыттан саҕалаан кэлиҥҥи кэмҥэ фольклор республикатааҕы фестивалларыгар 1972, 1979 сылларга сааһырдар да баран көхтөөхтүк кыттара. 1982 с. республикатааҕы олонхоһуттар конкурстарыгар кыттан иккис миэстэ буолта.

         Бочоох Мас суха, Хатырыгым хочото уо.д.а. тойуктара киэҥ араҥаҕа биллэрэ. Аныгы олох сиэринэн аныгылыы олоҕу уруйдаан – айхаллаан туойбута сурукка – бичиккэ тиһиллибитэ.

         Кини 1985 сыл күһүнүгэр өлбүтэ.

         Кини ырыата – тойуга дьиҥ былыргы олонхоһуттары, тойуксуттары истэн, иҥэринэн уһуллан хаалбыт олонхоһуттартан биирдэстэрэ.

 

Просмотров: 142 | Добавил: sdksaydam | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Вход на сайт
Поиск
Календарь
«  Ноябрь 2021  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Архив записей
Наш опрос
Оцените мой сайт
Всего ответов: 9
Мини-чат
Друзья сайта
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0

Copyright MyCorp © 2024
uCoz