Суббота, 18.05.2024, 14:01
Приветствую Вас Гость | RSS
Муниципальное бюджетное учреждение Дом народного творчест...

10:40
Сивцев Афанасий Егорович-Дьиибэ Бытык

Сивцев Афанасий Егорович- Дьиибэ Бытык.

Афанасий Егорович (Георгиевич) – Дьиибэ Бытык 1890 сыллаахха Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр төрөөбтэ. Кини Хахтуга уола Хантаха диэн,1686 сыллаахха төрөөбүт Хатырк нэһилиэгин киһититтэн төрүттээх.

         Афоня кыра эрдэҕиттэн эбээтин (аҕатын ийэтэ) Новгородова Евдокия Ивановна (1838 с.т.) ыллыыр ырыаларын уонна кэлбит олонхоһуттары сөбүлээн истэрэ, тугу өйдөөн хаалбытынан үтктэ сатыыра. Ону көрөн Нам Түбэтигэр олорор күтүөтэ, олонхоһут Яков Пестряков, уолу олонхолуурга төһө табылларынан үөрэтэ сатаабыта. Ити курдук, Хатырык нэһилиэгин дьадаҥы ыалын оҕото Афоня, оскуолаҕа үөрэммэтэр даҕаны, кыра эрдэҕиттэн олонхо уонна ырыа – тойук эйгэтигэр киирэн, абылаҥар ылларбыта. Нэһилиэгин дьонун сэҥээриитэ эмиэ төрүөт буолбута.

         ХХ үйэ саҕаланыыта Афоня Сивцев олонхолуурун биир дойдулааҕа, киниттэн сэттэ сыл балыс Максим Аммосов сөбүлээн истэр эбит.

         А.Е.Сивцев 1909 с. , 19 саастаах эдэр олонхоһут дьонун кытта хоту баран Булуҥҥа, Верхоянскайга, Аллайыахаҕа  уонна Анаабырга олоро,үлэлии сылдьыбыта. Төрөөбүт сиригэр 20-тэн тахса сыл буолан баран эргиллибитэ. Ити кэм устата олонхолуурун тохтото сылдьыбыта. Хоту олоро сылдьан, ол дойду олонхоһуттарын биирдэ эмит түбэһэн, олус сөбүлээн истэр эбит.

         1937 с. хотуттан кэлэн дойдутугар олордоҕуна, П.А.Ойуунускай Нам улууһугар тахса сылдьан Сивцев Афанасий Егорович олонхолуурун истэн сөбүлээбит уонна бэйэтин кытта илдьэ барбыт. П.А. Ойуунускай көҕүлээһининэн тэриллибит күрэххэ үс биллиилээх олонхоһуту кыайан бастакы миэстэни ылар. Бу кэннэ П.А.Ойуунускай бэйэтин кытта илдьэ сылдьан улуустарынан олонхолотор уонна Дьиибэ Бытыкка үтө өйдөбүнньүк буоллун диэн патефон бэлэхтиир.

         1941 с. саха фольклорун чинчийээччи Г.М.Васильев Нам оройуонугар тахса сылдьан суруйбутунан көрдөххө, Афанасий Егорович үс олонхо, үс ырыа толороро киирэ сылдьар эбит.

         1945 сыллаахха Кыайыы ыһыаҕар Намҥа киирэн урукку пааркаҕа (Кыайыы скверын кэннэ) арҕаа өттүгэр олорон эрэн олонхолообута.

        

 

 

 

 

Олонхолоро:

  1. “Тумул хара тыа туллан эрдэн киирэрин курдук туналҕаннаах туус маҥан аттаах тойон Доҕуһуол бухатыыр” (Курутуу Баһылайтан истибит).
  2. “Эр киһи, уол оҕо эйиэхсит сиэнэ Элип Хара бухатыыр” (истибитин бэйэтэ уларытан толорор эбит).
  3. “Иирээннээх – кутурҕаннаах Игирэ Хара” (Көҕүрүйэ Уоһуктан истибит, Алдан).
  4. “Хардаҥ эһэ тириитин саҕа үктэллээх Хаан Дьалаан бухатыыр” (истибитин бэйэтэ уларытан толорор эбит).
  5. “Орто дойду орускуоттаах олоҕун оҥорорго төрөөбүт Уйунаас бөҕө бухатыыр” (бэйэтэ өйүттэн олонхолуур).
  6. “Эрэйдээх буруйдаах Эр Соҕотох” (Пестряков Яковтан истибит, Нам, Түбэ).

Ырыалара:

  1. “Остуол ырыата” (уһун, бэйэтэ өйүттэн)
  2. “Борокуот ырыата” (уһун, дьонтон истибит).
  3. “Остуолба турбут ырыата” (ойуун түүлүттэн ыллаабыт).
  4. “Матайар Баһылай” (уһун, дьонтон истибит).

Киһини – сүөһүнү бэйэтэ хоһуйар эбит.

 Кини 1952 сыл эркин өлбүт.

   

 

 

М.К.Аммосов аатынан СР государственнаһын историятын республикатааҕы түмэлин директора А.В.Кириллин хомуйбут матырыйаалыттан уонна  И.И.Суздалов, М.И.Старостина “Хатырык нэһилиэгин дьонун төрдө – ууһа” (Дьокуускай, 2010) бэчээттэниллибит кинигэтиттэн бэлэмнээтэ Сайдам НАДь методиһа

 Ульяна Геннадиевна Наумова.

           

Просмотров: 116 | Добавил: sdksaydam | Рейтинг: 0.0/0
Всего комментариев: 0
Вход на сайт
Поиск
Календарь
«  Ноябрь 2021  »
ПнВтСрЧтПтСбВс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
2930
Архив записей
Наш опрос
Оцените мой сайт
Всего ответов: 9
Мини-чат
Друзья сайта
Статистика

Онлайн всего: 1
Гостей: 1
Пользователей: 0

Copyright MyCorp © 2024
uCoz